Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник

Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник


Скачать книгу
оруннаах сабаҕалааһыны оҥоруохха сөп.

      В.Д. Стрелов «Акты архивов Якутской области (с 1650 г. до 1800 г.)» үлэтигэр «тигиилээх сирэйдээх» ойууннары Петербург куоракка ыҥырыы туһунан бастакы докумуон 1730 с. бэс ыйын 25 күнүгэр тахсыбытын суруйан турар.

      Бу докумуоҥҥа ыйылларынан, дворянин Дмитрий Кычкин салалтатынан Санкт-Петербурга Сылан ойууна Кээрэкээн уола Кытаанах, Орто Бүлүү Лүүчүнүн ойууна Жолодой Дакин, Кэлтээки аҕатын ууһун дьоно Нямтуга Авранчин, Мияул Луксигин, Витимка, Хатылы нэһилиэгин киһитэ Топича Маянин бастаан утаа барыахтаах эбиттэр. Бу сэттэ киһиттэн биэһэ Орто Бүлүү ойууннара.

      Тоҕо эрэ Бүлүү сириттэн ойууннары уонна «тигиилээх сирэйдээхтэри» өссө эбии көрдөөбүттэр. Онно Үгүлээт аҕатын ууһуттан Тулкига Урулин, Топича Маянин, Ардах Куреяков диэн тоҥустары эбии булбуттар. Санкт-Петербурга илдьэргэ Үгүлээт тоҥуһун Топича Маянины, Мукес Маржин, Кытаанах Налин диэн ойууннары, Намтага Мисяул, Витимка Куявылов диэн тоҥустары, Жолодай Дакины ойохтору илдьэргэ быһаарбыттар, атыттары барыларын дьиэлэригэр ыыталаабыттар (НА РС(Я). Ф.1-и. Оп.1. Д.4. Л.7).

      Онно ыытарга Саха сирин үрдүнэн көрдөөбүттэр эбит. Ол аата элбэх киhини сыымайдаабыттар, талбыттар. Олоро бары Орто Бүлүү ойууннара буолбуттара киһини сөхтөрөр. Дьолуодай ийэтэ Нэлчэкэ аҕатын Туоҕа Боотуру удьуордаан удаҕан эбит, аҕата нуучча Михаил Жирков. Бииргэ төрөөбүттэрэ Соҕуру Оҕонньор-Клевинской Дакин, Дары Дакин-Степан Жирков (сахалыы аата Бэрэттимэй) эмиэ ойууннар этилэр. Балтылара Лыглыйа эмиэ аатырбыт удаҕан дьахтар, өссө убайдарыттан үрдүк таһымнааҕа үhү.

      Орто Бүлүүттэн Үөһээ Бүлүүгэ тиийбит биир улахан бөлөх кырыкыйдар этилэр. Хойукка диэри Орто Бүлүү Кырыкыйа бэйэ-бэйэлэриттэн тус-туһунан сытар түөлбэлэртэн турара: Мукучу таһыгар Нээтийэ аҕатын ууһа олорбут сирэ, 3-с Тоҕуска (Тааһаҕар) Оҥхой уонна Үөһээ Бүлүүгэ билиҥҥи Кырыкый нэһилиэгин сирин сорҕото. Нээтийэ диэн ким буолуон сөбүй? История билимин доктора А.А. Борисов «Социальная история якутов в позднее средневековье и новое время» кинигэтигэр суруллубутунан, Тыгын сиэнэ Борток Мазарин 1720 с. түһээнин алта киис тириитинэн төлүүр эбит. Киниэхэ үс тастыҥ бырааттара Оелгу, Нятия, Оеннит көмөлөһөллөрө бэлиэтэммит. Онтон Күчэнэх (Кылыыһыт ойуун) кини бииргэ төрөөбүт быраата. Оччотугар Борток быраатын, Күчэнэх уолун аатырбыт Нээтийэ ойууну анаан-минээн киистэтэ диэн Орто Бүлүү Кырыкыйыгар олохсуппут буолуон сөп диэн сабаҕалыахха сөп. Онон Лүүчүн уонна кини таһынааҕы сирдэр хаҥаластар дьаһаахтарын төлүүллэригэр сүҥкэн оруоллаахтара саарбахтаммат. Нээтийэ Күчэнээхэп эмиэ Хаҥаластан төрүттээх ойуун эбит диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.

      Алын Бүлүү ойууннара үгүстэрэ Намтан төрүттээхтэр. Нам Таастааҕыттан Өрүүнэ удаҕан Тураах Баһылайга сүктэн кэлэн Кааракаан (Хара Хаан) ойууну төрөппүтэ. Кааракаан кэлин Намҥа баран олохсуйбут. Баай кыыһын кэргэн ылан, элбэх оҕолонон улахан аҕа ууһун төрүттээбит. Кыһалҕа ойуун, Босхос ойуун,


Скачать книгу