Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник

Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник


Скачать книгу
сылгыта абааһы сирин быттаҕар-былагайыгар биһиллиэ дуо?» – диэн санааттан.

       Былаайаҕын кулун тыһынан бүрүйэллэр, маҕан, кэрэ тыһынан. Былаайаҕа – атын кымньыыта. Тонукка этэллэр: «Аллаах атым, тустаах соноҕоһум үрүҥ көмүс кымньыыта», – дииллэр.

      Айдарыыта. Кини Эллэй Иэйэхситтэн ситимнээх, Оноҕой Баай тойонтон оҥоруулаах. Кини абааһы ойуунун көрдүк өр булларан ыалдьыбат, син кыратык ыалдьар, мэнэрийэр. Кини түүллээх-биттээх буолуохтаах. Кини олорор сиригэр сайын сылгы кистиир буолуохтаах. Булт да сиригэр, кини бултуур сиригэр, сылгы суох сиригэр сылгы кистиир күн тахсыытын саҕана. Ону доҕоро, булчуттар истэллэр. Ол күн ойуун буолар киһи улаханнык саньньыйан, хаана-сиинэ кубулуйан сыдьдьар. Ону доҕоро: «Хайтах буоллуҥ?» – диэн ыйыттаҕына, «Үөһэ аарык чуораан, кыаһаан тыаһа аймыллар, кулгаахпар, төбөбөр чугунуур. Мэйиим, санаам үөһэ тахсар көрдүк буолар, төйөбүн», – диир. Онтон сотору бу киһи ойуун буолуохтаах. Ол киниэхэ сылгы Айыытыттан билиннэхтэрэ үһү. Айыы ойууна сылгы Айыытын: «Айыым», – диир кыырдаҕына. Кини ойуун буолумуна мөккүһэн сыттаҕына, Айыылара быһа кымньыылаан өлөр, бу киһи.

      Айыы ойууна син төрүүр-үөскүүр мастаах. Ол маһын этэр: «Айыы луук маһым», «Ийэ харыйа маһым», «Иэдьэгэй кутум иирэ эбит аан харыйа маска», – дииллэр. «Үүт таас олбохтоох Үрүҥ Айыы куту айар, Оногой Баай тойонтон оҥоруулаах, Эллэй Айыыттан саҕыаллаах киһи кута. Ол онуоха Айыы ойууна буолар киһини үрүҥ көмүс холбуйатыттан Үрүҥ Айыы кутун-сүрүн ыытар, ол кэлэн аан харыйаҕа Иэдьэгэй уйаҕа кэлэн иириир, иитиллэр, ойуун маһыгар. Онно иитиллибитин кэннэ үрэн ыыппыттара Илин халлаан анныгар үрүҥ көмүс хайаҕа удаҕан-удаҕан ойуун-ойуун умсуллар үүт чөҥөрө көлүйэтигэр кэлэн умсан сөтүөлээн, суунан тахсан мойбордоох мохсоҕол кыыл буолан сэттэ бастаах, тоҕус мутуктаах хахыйах маска тахсан олорор, Айыыттан аналлаах харыйа маска, ол олорон өйдөнөр: «Орто аан дайдыга аналлаах эбит буоллаҕым ойуунунан», – диэн. Бу манна олорон баран Орто дойдуга төрүүр ийэтин-аҕатын көрдүүр, мохсоҕол кыыл буолан. Бу көрдүөн сөбүлүүр сиригэр, сөбүлүүр дьахтарыгар үрүмэччи буолан төбөтүн оройугар иҥэр. Ол иҥэн оҕо буолан төрүүр.

       Көтөрө-сүүрэрэ . Айыы ойууна син көтөрдөөх-сүүрэрдээх, киниэхэ барыллыа, өксөкү, кырбый да баар буолуохтаах, киниэнэ ол аата кэп кыыллара. Кини ол кыыллар буолан кубулуйан, айанныыр үөрүн-сүүрүгүн көтөҕөн, батыһыннаран идьдьэллэр. Айыы ойууна син балыктардаах: уолугунан айахтаах кээчир балык (хатыыс), хаахынай, ол балыктар буолан кубулуйан айанныыр, ойуун үрэҕин устун, өлүү уутун устун. Айыы ойууна син ийэ кыыллаах. Онтуката киниэнэ уу оҕуһун көрдүк буолуохтаах. Айыы ойууна ийэ кыылыгар кута-сүрэ иҥэ сыдьдьар. Ийэ кыыла өллөр эрэ ойуун өлөр. Ойууттар ийэ кыыллара эккирэтиһэллэр, күссэллэригэр кини таҥарата – эһэтэ-эбэтэ, ойууннар үөрдэрэ таҥара буолаллар. Үөһээ айбыт Айыылара эмиэ таҥара буолаллар. Кини таҥаралара кыырдаҕына, күүс көмө буолаллар.

       Айыллыыта. Кини сиэмэх буолбат, киһини-сүөһүнү сиэбэт.


Скачать книгу