Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник

Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник


Скачать книгу
ытык этэ арыллан өтө көрөр буолбут киһи». Сорох ойууннар көмүллүбүт сирдэриттэн мас үүнэн тахсар. Јлөн да баран күүстэрэ үс-түөрт үйэҕэ тиийэ дьайа сытар, кинилэри ытыктаабат дьон моґоллору көрсүґүннэриэхтэрин сөп. Улахан уот турдаҕына ойууннар көмүллэ сытар сирдэрин арыылаан таарыйбатын эмиэ истэбит.

      Үһүйээҥҥэ этиллэринэн, ойууннар бэйэ-бэйэлэрин кытта, хаһан да көрсөн кэпсэппэтэхтэрин да үрдүнэн билсиһэллэр эбит. Холобур, Горнай улууһун Солоҕонугар олорбут Настаа-Хотун удаҕан, бэйэтин кэмигэр олорбут Чэриктэй Биэрэтин, Таатта Куома Чааскынын, Үөһээ Бүлүү Ньыыканын билэттиир уолум, кыыһым диэн убаастаан ааттыыр эбит..

      Сахаларга «икки ойуун биир алааска олорботтор» диэн кынаттаах этии баар. Ойууннар охсуспуттарын туһунан үһүйээн элбэх. Икки өстөспүт ойуун холорук буолан ытыйсаллар, оҕус буолан харсаллар. Сорохтор кыайтарар түбэлтэлэригэр көтөр, балык буолан куоталлара кэпсэнэр.

А.А. Павлов

      Айыы ойууна

      Саха сиринээҕи Тыл, литература уонна история института 1993 с. «Ойууннар уонна ойуун сиэрин-туомун туһунан кэпсээннэр» диэн хомуурунньугу бэлэмнээн таһаарбыта. 1938 с. 56 саастаах И.А. Суздаловтан-Сапалаайтан А.А. Саввин икки олоҥхо ис хоһоонун, ыһыах сиэрдэрин-туомнарын, итэҕэл туһунан сэһэннэри, алгыстары суруйбут. Аны 1945 с. Г.М. Васильев И.А. Суздаловка Айыы ойууна айыллыытын туһунан сэһэни кэпсэттэрбит. Онтон биир суруйууну А.Л. Новгородова бэчээккэ бэлэмнээбитин киллэрбиттэр (ССНК А. Ф.5, Оп.3. Д.480. Лл.20–24). Онтон быһа тутан биэрэбит:

      «Таҥаһа. Айыы ойууна кыырар таҥаһа күрүҥ кулун саҥыйах буолар, түүтэ тас өттүн диэки гына тигиллибит. Ол ону осуобай тиктэрэллэрин билбэппин. Дьахтар биэстирэйдээх кулун саҥыйаҕа буолар. Көхсүгэр хара кулун сарбынньахтаах, оноото, эҥээрэ хара кулун бууктаах. Бу саҥынньах бииллээх, оноолоох буолар. Көхсүгэр тигэллэр ойуун тэһиинин, ол тэһиинэ чабыргах1 атах быатынан оҥоһуллар. Тэһиинэ түмүк төрдүгэр уонна төбөтүгэр баар буолар, биирдии хоболоох эбэтэр чуорааннаах буолар. Үксэ хобо буолар. Айыы ойууна таҥаһа тимирэ суох буолар. Үөһээ Үрүҥ Айыылар таҥастарын үтүктэн, таҥнар таҥаспын атыҥырыахтара атыны таҥыннахпына диэн, кинилэргэ үчүгэйдик көстөөрү айыы аймаҕын таҥаһын таҥнар, айыы алгыһын алгыыр. Ол айыы таҥаһын таҥнан тиийдэҕинэ, кырдьык, айыы аймаҕын киһитэ, бэйэбит оҕобут кэллэҕэ диэн сөбүлүү көрөллөр.

       Бэргэһэтэ элэмэс эбэтэр маҥан кулун тириитэ буолар. Ол бэргэһэ аата ытык дуулаҕа бэргэһэ диэн. Кинини кулун баттаҕын сиэллэри, көҕүллэри, кулгаахтары сүлэн ылан бараннар тигэллэр. Сиэлэ киһи моонньугар түбэһэр, кулгааҕа чөрөйө сыдьдьар гына, киһи кэттэҕинэ. Ойоҕоһуттан көрдөххө убаһа төбөтүн көрдүк буолан көстүөхтээх: сиэллиин, кулҕаахтыын, көҕүллүү бу бэргэһэ. Сылгы – Айыы айбыт сүөһүтэ, ол иһин сылгы баттаҕа бэргэһэлэнэр. Былыр сылгы Айыытын таттахтарына, үөһэнэн былыты быыһынан кэлэн, ойуун кыыра олордоҕуна, ыһыахха сылгы Айыыта кэлэн, атыыр эбэтэр биэ сылгы буолан эргийэр


Скачать книгу

<p>1</p>

Чабыргах (чабаргах) – Үө. Хал. сыарҕа атаҕын быата буолар, сэбэһэ (волосяная скрепа оглобли с копытом). (Диалектологический словарь якутского языка. – М.: Наука, 1976. – 295 с.)