Саха саарына Тэрис. Группа авторов
сата баһын тардан эрэллэр. Итинник өлүмнэһии содулугар аан дойду үрдүнэн научнай-техническэй прогресс айылҕаҕа охсуута улам-улам күүһүрэн иһэр. Холобурун эттэххэ, сир шарын ойуура 25—30% кыччаата. Сыл аайы 400 000 кв км ойууру араас социальнай программаҕа анаан кэрдэ тураллар. Төһөлөөх күөх үүнээйи дьон-сэргэ дьалаҕайыттан уокка былдьанарын киһи этэ да барбат. Оттон биир гектар ойуур 20 мөлүйүөн кубическай миэтэрэ иэннээх атмосфераны ыраастаан, күн аайы үрүҥ тыыммытын өллөйдүүрүн, дьэ, санаа эрэ!
«Сатурн-5» ракетанан американскай «Скайлэб» станцияны орбитаҕа таһаарарга сирдээҕи ионосфера 1800 км диаметрга тиийэ дьөлө ыстанар. Бу дьөллүү түмүгэр сирдээҕи айылҕа икки чаастан ордук бириэмэ итини оһоруна, иэдээнтэн өрүһүнэ сатыыр. Өскөтүн сылга 85-тэн ордук ракетаны көтүттэххэ, озон араҥата өрүттүө суоҕун сөп диир, айылҕаны үөрэтэр-чинчийэр үөрэхтээх араҥа.
Айылҕа бу үлүгэрдээх алдьаныыттан быыһанарыгар олоҕу харыстыыр программаны хос саҥалыы уларытар. Ол аата киһиэхэ баар сабыылаах генетическэй информацияҕа, биологическай программаҕа дириҥ мутация баран эрэр. Ол туоһута аҕыйаҕа суох. Ылан көрүөҕүҥ, саванта дэнэр төрүөхтэриттэн аамыйа, социальнай программаҕа кыайан дьүөрэлэспэт туруктаах, ураты айдарыылаах дьону. Бу феномены билиҥҥи наука кыайан быһаара илик.
Айыы үөрэҕин туһунан санааны түмүктээн эттэххэ, айылҕа дириҥ төрдө-төрүтэ этэр-кэпсиир, ыйар-кэрдэр кыаҕын ким барыта эт мэйиитигэр кыайан батарбат. Итиниэхэ, биллэн турар, киһи бэйэтин тула баары муҥ саатар билинэ, баардылыы үөрэнэрэ, ол бастакы улахан сорук быһыытынан турар.
Тэрис тилиннэрбит үөрэҕэ – үөтүүлээх санааһыҥҥа тирэммит сахалыы этиттэрии. Бу этиттэриигэ сабыылаах ис итэҕэли Тэрис сурукка тиһэн, аан бастакынан өй-санаа гынан билиһиннэрдэ.
Айыы үөрэҕэ үйэттэн үйэҕэ үрдүү туруоҕа
Ой дуораана буолан ааһар киһи олоҕо, сиэрдээх-майгылаах суолу туттаҕына эрэ – бу дьол буолар диэн, Тэрискэ үөрэниэхпиттэн, Айыы үөрэҕин билиэхпиттэн сахалыы санааланным.
Олоҕум иккис аҥаарыгар дьон туһугар олорорго, айыы тыынын тарҕатарга, итэҕэл күүһүн туһанарга уһуйбут учууталбын Тэриһи хайдах курдук аан бастаан билиэхпиттэн олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри кини этэрин-үөрэтэрин сыыска-буорга түһэрбэккэ, өйбөр-санаабар хатаан, куппунан-сүрбүнэн ылынан, сүүрбэ сыл тухары үөрэнним.
1998 сыллаахха саха итэҕэлэ, «Кут-сүр» түмсүү баарын да билбэккэ сылдьан, маҥнайгы хоһооннорум радиоҕа тахсыбыттарын кэннэ, дьүөгэлэрим Полина Перуашева, Мотрена Попова итэҕэлгэ сыһыаннаах эбиккин диэн Тэрискэ ыыппыттара, төлөпүөн нүөмэрин биэрбиттэрэ. Эрийбиппэр Копырина Иустинья «Айыы хоһугар» дьон кэллэҕинэ ыраастыыр, култуура үлэһитэ кэпсэппитэ. Үлэлиэм этэ диэбиппэр олуһун үөрбүтэ уонна хамнаһа суох үлэ диэбитэ. Хата, мин онно үөрбүтүм, бэйэм ону-маны билиэхпин баҕаран тууйулла сылдьар кэмим этэ…
Оччолорго