Саха саарына Тэрис. Группа авторов

Саха саарына Тэрис - Группа авторов


Скачать книгу
бэйэтин суолун булунуутугар, омук быhыытынан иллээх, түмсүүлээх буолуутугар төрүт итэҕэл эрэ олук буолар диэн. Кини ону өйдөөн, учуонай быhыытынан научнайдык чинчийэн, архыып матырыйаалларын хаhан, сүрүн өйдөбүллэрин булан сааhылыыр, систиэмэлиир үлэтин саҕалаабыта. Архыыпка хасыhыы, биллэн турар, элбэх бириэмэни ылар, илиинэн суруллубут араас кэмнээх докумуоннары сыныйан сыымайдаан көрүү, сурунуу, бэлиэтэнии – сырамталаах, ыарахан хара үлэ. Бэлэм тахсыбыт кинигэлэри булан ааҕыы буолбатах.

      Л.А. Афанасьев-Тэрис үлэлэрэ күн сирин көрүүлэрэ, дьон-сэргэ болҕомтотун ылыылара, биhирэниилэрэ, үөрэх буолан систиэмэлэниилэрэ, тустаах тэрилтэлэр нөҥүө бигэргэниилэрэ соҕотох эрэ киhи сыратын түмүгэ буолбатаҕа. Ити ситиhиилэр Л.А. Афанасьев-Тэрис тумустаах «Кут-сүр» холбоhук, «Бичик» национальнай кыhа, о.д.а атын тэрилтэлэр, общественнай холбоhуктар күүскэ үлэлээбит түмүктэрэ буолар. Оччолорго Ил Түмэн депутаттарын истэриттэн «Кут-сүр» холбоhук үлэтин өйдөөбүт, өйөөбүт элбэх этэ. Орто үөрэхтээhин эйгэтин салайааччыларыттан саха оскуолаларыгар үөрэх салаатын нөҥүө Айыы үөрэҕин олуктара киирэллэригэр туруорсубут эмиэ аҕыйаҕа суоҕа.

      Кэлин ити хамсаныылары хабан ылааччы элбээбитэ. Төрүт итэҕэли быhаарсааччы, туруулаhааччы араҥата үөскээбитэ. Сир-сир аайы ким өйдөөн, ким өйөөн, ким дьарык гынан, төһө билэллэринэн, аахпыттарынан, истибиттэринэн, билгэлэммиттэринэн, көрүүлэммиттэринэн араас ыстатыйалары, кинигэлэри суруйан да, суруйтаран да барбыттара. Сорох айдарыылаах өттө норуокка араас бөлөхтөрүнэн саха итэҕэлин сөргүтэр оскуолалары тэрийбиттэрэ. Ол курдук, биллэр оскуолалаахтарынан, эмтиир дьоҕурдаахтарынан биhирэммиттэрэ В.А. Кондаков уонна Сайыына. Кэккэ элбэх эмчит, алгысчыт идэтин баhылаабыт дьон тахсыбыттара. Ордук дьон-сэргэ билиниитин айылҕаттан айдарыылаах Эдьиий Дора ылбыта. Онтон да атын көрбүөччүлэр, эмчиттэр, билгэhиттэр, алгысчыттар тэнийбиттэрэ. Кыhалҕалаах ыарахан кэмҥэ олортон сорох өттө харчылаhар, идэ оҥостор баҕаттан, сороҕо билээри-көрөөрү, сороҕо аат-суол оҥостор соруктан. Ол эрэн, тустаах органнар кигиилэринэн, этиилэринэн араас бөлөхтөр, оскуолалар тэриллиилэрин күөртээччилэр эмиэ бааллара. Тоҕо диэтэргин, итэҕэлгэ төhөнөн элбэх араас өйдөбүл, быhаарыы, мөккүөр баар да, соччонон норуокка арахсыы тахсар. Биир сүнньүлэммэт, өйдөбүллэммэт. Онон сахалар төрүт итэҕэлэ суох омук диэн өйдөбүлү, быhаарыыны киллэрэллэр, тарҕаталлар, норуот сомоҕолоhор күүhүн мөлтөтөллөр.

      Дьэ, бу дьон үксэ, бэйэлэрэ этэллэринэн – көрүүлэммит, этиттэрбит, айбыт, ханна эрэ көрбүт, истибит ньымаларын туттубуттара, туhаммыттара. Биллэн турар, кинилэр анал үөрэхтэрэ, тустаах идэлэрэ атын хайысхалаах буолан, научнай архыып аанын тутааҕын элэппэтэхтэрэ. Онон сахалартан дьиҥ чахчы дьаныардаахтык, идэ оҥостон научнайдык, саха норуотун үйэлэргэ мунньуллубут, итэҕэлгэ сыhыаннаах матырыйаалларын архыыпка, аан дойду итэҕэллэрин библиотекаларга сыны-йан олорон хаспыт, үөрэппит, анаарбыт киhинэн Л.А. Афанасьев-Тэрис буолар. Онон кини этиилэрэ, көрүүлэрэ уонна тарҕаппыт


Скачать книгу