Саха саарына Тэрис. Группа авторов

Саха саарына Тэрис - Группа авторов


Скачать книгу
Сахалар айылҕа көстүүлэрин иччилиир, иччилэри итэҕэйэр буолан күүстэрин түмэллэр, талааннаахтар.

       Л.Ф.: Ол аата киhини тыыннаан, айылҕаны иччилээн көрүү духуобунас диэн буолар буоллаҕа. Оччотугар тыын киhиэхэ хайдах киирэрий, олохсуйарый?

      Л.А.-Тэрис: Тыын киhиэхэ 9 ойбонунан, омуктуу чакраларынан – дьулайынан, сүүhүнэн, сүрэҕинэн уо.д.а. киирэр. Сүр эмиэ ойбонунан киирэр уонна киэлигэ (нуучч. – вместилище) олохсуйар. Киhи төбөтүн оройо Таҥара эйгэтэ дэнэр. Ол гынан баран киhи Таҥара буолбатах, Таҥара таhымыгар тиийбэт. Дэҥ кэриэтэ эрэ дьон ахсыс халлаан таhымыгар Таҥараҕа чугаhыыллар. Сахалартан, мин көрүүбүнэн, 4 киhи тиийбит буолуон сөп. Өксөкүлээх Өлөксөй, былыргы үрүҥ ойуун Дьөhүөл оҕонньор, Сэhэн Ардьакыап, Анемподист Софронов.

       Л.Ф.: Айыы үөрэҕэ ханнык улуустарга тарҕанна?

      Л.А.-Тэрис: Дьокуускайга уонна 20-чэ улууска – Халымаҕа, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Намҥа, Хаҥаласка, Дьааҥыга уо.д.а. Ити улуустарга араас Айыы үөрэҕин үөрэтэр бөлөхтөр түмээччилэрэ, салайааччылара бааллар. Кинилэри таhымнарын быhаарар туhуттан ыйытык-хоруй киэбин аhардабыт. Ааспыттарга, үлэлиир эрэ дьоҥҥо «Туомнары ыытыы» диэн кинигэни биэрэбит. Улуустартан бастакынан Нам турар, горнайдар син үлэлииллэр, чурапчылар эмиэ.

       Л.Ф.: Саха итэҕэлэ – Айыы үөрэҕэ диэн билинэн сиэрин-туомун толорооччуларга, тутуhааччыларга туспа итэҕэл дьиэтэ-уота наадата дьэҥкэ. Ити ааттаабыт улуустаргар, нэhилиэктэргэр анал тутуулар бардылар дуу?

      Л.А.-Тэрис: Саха улуустарыгар барыта 50-ча төрүт култуураҕа, итэҕэлгэ сыhыаннаах балаҕаннар, ураhалар диэн ааттаан дьиэлэр тутулуннулар. Холобур, Чурапчыга баhылык Айыы дьиэтин туттарбыта. Уопсайынан, төрүт саха улуустарын, нэhилиэктэрин баhылыктара өйдөөннөр тутуулар син барыталаатылар. Ол гынан баран, бу дьиэлэр көрүүтүн толугун кыайбакка, куортамҥа, араас тэрээhиннэргэ туттуллар буолан хаалаллар. Уонна онно үксэ култуура үлэhиттэрэ үлэлииллэр. Олоруҥ итэҕэли төрдүттэн билбэттэр, онон үөрэхтэринэн, идэлэринэн, сатыылларынан баран хаалаллар. Араас фестиваллары, презентациялары, кэнсиэрдэри, быыстапкалары, бырааhынньыктары ыытар сир гыналлар. Ханнык да улахан итэҕэл дьиэтигэр оннук гымматтар. Итэҕэл дьиэтин сыала-соруга атын – айыылары, таҥараны кытта кэпсэтии, ыраастаныы барар чуумпу дьиэ буолуохтаах. Итэҕэлгэ кыhалҕалаахтар кэлэллэр, бырааhынньыктааччылар буолбатах. Онтон биhиги итэҕэлбит дьиэлэрэ сыыйа ыллыыр, үҥкүүлүүр, битийэр, дьаарбайар, арыгылаах бырааhынньыктыыр култуура, сынньалаҥ кииннэрэ буолан бараллар. Итэҕэлтэн отой да ырааталлар. Дьокуускайга Арчы дьиэтин итэҕэл дьиэтэ диэн туруулаhан туттарбыппыт, онно хос биэриэх буолан баран биэрбэтэхтэрэ, билигин көрөҕүт, туох дьиэтэ буолбутун.

       Л.Ф.: Оччотугар, эн санааҕар, Айыы дьиэлэрэ итэҕэл дьиэлэрэ буолалларыгар туох нааданый? Бюджеттан биир да харчыны туhаммакка, аҥаардас олохтоох чааhынай дьон, спонсордар эрэ үптэринэн туттаран баран, ханнык да бырааhынньыгы, фестивалы онно чугаhаппат курдук дуу, хайдах дуу?

      Л.А.-Тэрис:


Скачать книгу