Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский

Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский


Скачать книгу
уонна палаатам уолаттара хартыыналарбын көрө-көрө үөрдэхтэринэ, мин тэҥҥэ үөрсэрим. Кыталык диэн хайдах эбитэ буолла? Арааһа туох эрэ ураты дьикти, уһулуччу көстүү буолуохтаах. Ол кыталык диэн дьиктини көрдөҕүнэ, оннооҕор хаһан да үөрбэт, мичээрдээн да көрбөт, киһи көрө-көрө толлор оҕонньоро – биһиги аҕабыт кытта дьоллонуон сөп эбит. Аҕам бэйэтэ инньэ диэн кэпсээтэ. Арай мин ол кыталык диэннэрин уруһуйдуум! Мин көрбүппүн өссө тупсаран уруһуйдааччыбын ээ. Ол кэпсиир кэрэлэрин өссө тупсаран уруһуйдаан, дьоммор көрдөрөрүм буоллар, кыталыктан: «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ барбыт ийэбитин төнүннэр», – диэн көрдөһүө этибит. Оччоҕо кини, биһигини дьоллоору, ийэбитин аҕалыа этэ.

      – Кыталык диэн хайдаҕый, миэхэ кэпсээҥ эрэ. Мин уруһуйдуом этэ. Үчүгэйдик уруһуйдуурбун бары билэҕит дии?! – диэтим убайдарбар.

      – Кыталык диэн туруйа курдук буолан баран, маҥан эрэ.

      – Оттон туруйа диэн хайдаҕый?

      – Туруйа диэн кубаны дуу, хааһы дуу уһун атахтаабыт курдук.

      – Ол куба дуу, хаас дуу диэн хайдаҕый?

      – Хайа-а, хааһы билбэккин дуо? Куһу улахан гына уруһуйдаа да, бүттэҕэ ол дии, хаас буолан тахсар.

      – Мин кус да хайдаҕын билбэппин ээ.

      – Акаары эбиккин буолбат дуо! Куһу баҕас хайдах билбэккин? Оннооҕор бу кыра оҕолор билэллэр дии! Кус диэни эйиэхэ хайдах быһаарыахха сөп эбитэ буолла?.. Ээ, биллим! Куурусса баар буолбат дуо, куурусса! Ону кыраһыабай уонна «мээт-мээт» дии-дии ууга уста сылдьар гына уруһуйдуугун – вот тебе и кус!

      – Мин куурусса диэни билбэппин ээ. Биһиэхэ маҥан палаатаҕа туруйа да, куба да, кус-хаас да, куурусса да эмтэммэтэхтэрэ. Онно уолаттар эрэ сыппыппыт.

      – Саатар сымыыты билэр инигин? Бүгүн сиэбиппит дии?!

      – Билээн-билэн!

      – Ну, вот! Сымыыты куурусса биэрэр, ол кууруссаны кыраһыабай, уста сылдьар дуу, көтө сылдьар дуу гына оҥороҕун, онтукаҥ кус дэниэҕэ. Арыый улаатыннардыҥ да хааска дуу, кубаҕа дуу кубулуйар. Уһун атахтаатыҥ да туруйа. Туруйаҕын маҥан гына кырааскалаатыҥ да кыталык буола түһэр! Киһи өйдөөбөтө диэн манна туох баарый? Барыта боростуой дии!

      – Мин син биир тугу да өйдөөбөтүм. Кыталыгы хайдах оҥорорбун быһаар.

      – Айыкка, ыйытан бүт. Кууруссаны да билбэт киһиэхэ быһааран да диэн!

      – Кеша, быһаар-быһаар! Мин    өйдүү сатыаҕым, куурусса диэн тугун.

      – Эйиэхэ куурусса наада дуу, кыталык дуу?

      – Кыталык! Кыталык!

      – Кыталык диэн уопсайынан, улахан, маҥан, кыраһыабай. Өйдөөтүҥ дуо? Ону-маны ыйытан бүт! Биһиги оонньуу бардыбыт, ньиэмэстэрбит биһигини кэтэһэн өлөн эрдэхтэрэ, – диэтин кытта уолаттар ньамалаһа-ньамалаһа таһырдьа ыстаннылар.

      Мин бу маҥан лиискэ улаханы, маҥаны, кыраһыабайы хайдах уруһуйдуурбун толкуйдуу сыттым: «Мин олохпор улаханы, маҥаны, кыраһыабайы тугу көрбүппүнүй? Арай, палаатаҕа улахан, маҥан, кыраһыабай диэн сиэстэрэ Светаны этиэххэ сөп этэ». Ок, хата көлөһүн-балаһын аллан, таһырдьаттан Кеша көтөн киирдэ: «Таһырдьа


Скачать книгу