Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский
өйөөн олорто. Олохпор аан маҥнай дьиҥнээх пейзаһы көрдүм. Дьиҥнээх пейзаж диэн хайа да художник хартыынатынааҕар быдан кэрэ, быдан ордук буолар эбит. Манна киһи хараҕа эрэ үөрэр буолбатах, айылҕа тыаһа-ууһа бэйэтэ дьикти музыка буолан иһиллэр. Сааскы сарсыарда чэбдик салгына ийэм дьэдьэннээх күөрчэҕинии сүрэхпэр-быарбар минньигэстик киирэр. Оо, аҕам барахсан үтүө да санаалаах киһи эбит! Маннык кэрэ айылҕаны көрдөрөөрү, миигин бу кытылга аҕалбыт. Кэрэни кэрэхсиир уйан сүрэхтээх аҕабын мин хайдах «чудовище» диэн ааттыы сылдьыбытым буолуой? Аны хаһан да кинини инньэ диэм суоҕа.
Соторутааҕыта ырааһырбыт Амма эбэ кумах кытылыгар онон-манан муустар сыталлар. Кинилэр муус чопчулара туллан түһэн, курустаал таас курдук лыҥкыныыллар. Тугу эрэ иһиллиирдии тохтоон ыла-ыла чыычаахтар чубугураһаллар. Манна туох да биир сиргэ тохтоон турбат. Барыта чыпчылҕан түгэнигэр уларыйан иһэр. Бу өрүс сиэркилэ курдук көнө ньуура салгын кыратык хамсаабытыгар долгулдьуйа түстэ, өҥө кытта хараҥарда. Ыраах хараара көстөр мырааннар сыыйа сырдаан, күөхтүҥү дьүһүннэннилэр. Сиккиэр тыалтан хатыҥнар ытарҕаларын эйэҥэлэтэн үҥкүүлээн эрэрдии лабааларынан далбаатанан ыллылар. Өрүс уҥуор нэлэһийэр киэҥ хочоҕо сылгы үөрэ мэччийэ сылдьар. Ыраах эриэн үөннүү эриллэн көстөр кыракый үрэхтэр уонна күөх харахтыы төгүрүк көлүччэлэр бааллар. Хаҥас диэки, өрүс токуруйар сиригэр, үрдүк таас сирэйдээх хайа сыыйа-баайа кыһыл көмүс курдук өҥнөннө. Олус кэрэ пейзаж! Оо, маны уруһуйдаабыт киһи! Ол эрээри бу өҥө уларыйа турар, хамсыыр-имсиир айылҕаны, чэбдик салгыны, бу тыаһы-ууһу хартыынабар сатаан ойуулуом дуо?
Олорбохтуу түһэн баран, аҕам: «Көр, көр, нохоо!» – диэт, үөһэ халлааны ыйда. Үөһэттэн чугаһаатар-чугаһаан, улааттар-улаатан чахчы да улаханнар, маҥаннар, кыраһыабайдар өрүс үрдүнэн эргийбэхтээт, Амма уҥуоргу кытылыгар түстүлэр.
Тугу эрэ иһиллиирдии, тулаларын көрүнэ-көрүнэ, чочумча тура түстүлэр. Биир кыталык кырыымпалыы куолаһынан хатаннык хаһыытаатын кытта, бары тутталлара-хапталлара уларыйа оҕуста. Сорох кыталыктар турууктаан ыла-ыла оргууй аҕай төттөрү-таары хаамыталыыллар, турар сирдэригэр өрүтэ ыстаҥалаан ылаллар. Атыттара кинилэртэн олох уратытык хамсаналлар: күүскэ хаһыытаан ыла-ыла, төттөрү-таары сүүрэкэлииллэр, уһун, сытыы тумсуларынан сири тобулу тоҥсуйталыыллар. Бэйэ-бэйэлэрин кытта күрэхтэспит курдук сиртэн оту-маһы тумсуларынан ыла-ыла үөһэ элитэлииллэр. Өрүтэ ыстаҥалыыллар, сорохторо турар сирдэриттэн үөһэ көтөн тахсыталыыллар. Сотору-сотору кынаттарын сараппытынан уҥа-хаҥас диэки эргичийэн ылаллар. Күн тахсан, халлаан кытыаста кыыһыыта, кыталыктар төттөрү-таары сүүрэллэрэ, уһаты-туора ойоллоро, араастаан хамсаналлара, бэйэ-бэйэлэрин үтүрүһэллэрэ, имигэстик куоҕаҥныыллара, кыҥкыначчы хаһыытыыллара хойунна, элбээтэ, күүһүрдэ. Дьиктиттэн-дьикти үҥкүүгэ кэрэттэн-кэрэ оһуордар бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан истилэр. Ханнык эрэ түгэҥҥэ намыын-намчы уонна эрчимнээх, тэтимнээх хамсаныылаах кыталыктар бары булкуһан, биир сиргэ түмсэн, кынаттарын кэрэтик арыйан, тыллан эрэр сибэкки курдук тутуннулар, уһун моойдорун күөгэттилэр. Сибилигин миэхэ уонна бу кыталыктарга олохпут уһулуччу