Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский

Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский


Скачать книгу
киирдилэр.

      – Нохолоор! Эһиэхэ тыһыынчанан бырдах саба түстэҕинэ хайдах гыныаххыт этэй?

      – Ээ, ол диэн боростуой буоллаҕа дии – хатыҥ лабааларын тоһутабын уонна онон сапсынабын.

      – Оттон мин түптэ оҥостобун. Аттыбар кымырдаҕас уйата түбэстэҕинэ, түптэ үчүгэйэ диэн ол буоллаҕа дии!

      – Оттон мин…

      – Тохтооҥ эрэ, нохолоор! Сибилигин эппиппин умна оҕустугут дуу, кырдьаҕастар тылларын: күөх оту тосту үктээмэ, сытар ынаҕы туруорума диэни. Итинэн тугу этэллэрэ буолуой?

      – Ээ, оттон мин буоллаҕына талаҕы тоһуппаппын ээ, түптэлэммэппин даҕаны. Миэхэ туох да наадата суох. Мин бырдаҕы бэйэтин илиибинэн өлөрөбүн.

      – Ити эмиэ сыыһа быһыы, – диэт, аҕам сакыбайааһыттан дэйбиирдэри хостоон таһаартаата, уолаттарга хас биирдиилэригэр туттартаата. Дэйбиири хайдах туттары, хайдах илдьэ сылдьары быһаарда.

      – Нохолоор! Хас биирдии от-мас, үөн-көйүүр, сүүрэр-көтөр, сиргэ үүнэр, ууга устар, ол иһигэр биһиги дьон эмиэ айылҕа оҕолоро буолабыт. Онон, төһө кыалларынан, бэйэ-бэйэбитин кытта эйэлээхтик олоро сатыахтаахпыт. Киһи төһөнөн элбэх айылҕа оҕотун атаҕастыыр да, соччонон ол киһи бэйэтин дьолун сарбыйар. Үрүҥ Аар Тойон айылҕа оҕолорун барыларын тыынар тыынныыр. Ол аата, кини айылҕа оҕолоругар биэрбит олоҕун биһиги сарбыйарбыт улахан аньыы! Кеша, мэ, бу Ваня дэйбиирин илдьэн оронун үрдүгэр ыйаа эрэ.

      – Ваняҕа тугун дэйбиирэй? Кини син биир таһырдьа тахсыбат буолбат дуо?!

      – Эһиги итинник оройгутунан көрө сылдьыаххыт кэриэтэ, туһалааҕынан дьарыктанан, Ваняны хаамарга үөрэтэргит буоллар, быдан ордук буолуо этэ. Куруук маннык сытыа дуо? Кини эмиэ киһи-киһи курдук туран хаамыа буоллаҕа. Чэ, мин үлэбэр бардым. Киэһэ кэлиэхпэр диэри таһырдьа быгыалаамаҥ!

      Аҕам тахсаатын кытта, уолаттар ааҥҥа сүүрэн тиийэн быгыалаан көрдүлэр: «Аҕабыт көстүбэт буолла, оонньуу бардыбыт!» – диэбитинэн таһырдьа ойон хааллылар.

* * *

      – Валера, мэ, бу бытыылкаҕа уута кутан аҕал эрэ, оҕобут үүтэ бүтэн хаалбыт. Чэ, кытаат-кытаат, ытаан аҕай эрэр буолбат дуо? Мин суутун уларытыам, эмиэ ииктээбит.

      – Ииктээминэ, эн мааҕыттан быһа уу иһэрдэҕин буолбат дуо?

      – Хайа, биир да кураанах суу хаалбатах дии! Пана, бар таһырдьаттан ыраас суута киллэр эрэ. Куурда ини.

      – Ханнааҕы ыраас суугун этэҕин, Кеша! Бу икки таас ииктээх суу сытар дии!

      – Оттон бүгүн ким сууйар уочаратай?

      – Мин буолбатах! – дии түстүлэр «ньээҥкэлэр» бары.

      – Чэ, чэ түргэнник ууга сайҕыы түһэн бараҥҥыт, таһаараҥҥыт ыйыы охсуҥ!

      – Арба даҕаны, бырааппыт бүгүн икки ыйын туолбут эбит. Чэ, суута кууруор диэри мин оҕону бэйэм ырбаахыбар суулаатым.

      Ити курдук, төһө да элбэх ньээҥкэ көрдөр, төрөөбүт күннээх оҕобут ытыыра тохтообото. Истэ сатаан баран, ийэм ырыаларын ыллаатым. Онуоха оҕобут дьэ уоскуйда.

      – Ваня, ити эн хантан билэҕиний, ырыа ыллаатахха оҕо утуйарын?

      – Эһиги таһырдьа оонньуу сырсан хааллаххытына ытааччы аҕай. Мин хайдах да гыныахпын билбэккэ, аралдьытаары


Скачать книгу