Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский

Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский


Скачать книгу
курдук уп-уһун муннулаатым. Кыталык кыраһыабай дьүһүнүн киһи көрө-көрө дьоллонор диэбиттэрэ ээ. Оттон мин уруһуйбар тоҕо эрэ ол көстүбэт, бу хартыынаны көрө-көрө мин дьоллонуох санаам кэлбэт. Киһи кыраһыабай да диир кыаҕа суох. Дьэ, дьиибэ. Оо, «сэрииһиттэр» дьиэлэригэр киирдилэр! Арааһа, кыайбыттар-хоппуттар, сирэйдэрэ-харахтара сырдаабыт.

      – Көрүҥ эрэ бу, көрүҥ эрэ – мин кыталыгы уруһуйдаатым! – хартыынабын кинилэр диэки эргиттим.

      – Кыталыгы даа? – диэн саҥа аллайдылар. Тылларыттан матан, ах баран олордулар.

      – Ити кыталык буолбатах, ити – уродина! – диэн «чап» гыннарда кыра быраатым.

      – Сөпкө эттэ, чахчы уродина, киһи түүлүгэр киириэх! – дэстилэр атыттара.

      – Кеша, эн быһаарыыгынан биир да сыыһата суох уруһуйдаабытым ээ!

      – Мин кыталыгы хаһан да көрбөтөҕүм ээ!

      – Оччоҕо тоҕо быһаарбыккыный?

      – Оттон эн ыйыппытыҥ – мин эппиэттээтэҕим дии!

      – Ким көрбүтэй кыталыгы?

      – Кыталык диэн оннооҕор улахан дьоҥҥо мээнэ көстүбэт. Ити улахан абаҕабыт сүүс уон алта саастаах Уһун Ньукулай диэн оҕонньор баар дии? Кини былыыр-былыр көрбүт үһү, кыталыгы. Ол туһунан олоҥхо курдук уһун, иитэ-саҕата биллибэт кэпсээнигэр кэпсиир.

      – Ол оҕонньор туох диэн кэпсээбитэй, миэхэ кэпсээҥ эрэ!

      – Хайа, Ваня, хайдах буоллуҥ?! Атын абаҕабыт – сүүс уон биир саастаах Тураах Никиитэ оҕонньор кыра оҕо эрдэҕиттэн ол Уһун Ньукулай кэпсээнин истэ сатыыр да, тугунан бүтэрин истибэккэ, билбэккэ өлөрүм буолуо диэн ыксыыр. Оччо үлүгэр уһуну биһиги эйиэхэ хайдах кэпсии олоруохпутуй? Солобут суох буолбат дуо?

      – Оттон биһиги аҕабыт көрбөтөҕө буолуо дуо? Наһаа үчүгэйдик кэпсээбитэ дии!

      – Баҕар көрбүтэ буолуо, ыйытаар ээ, – диэн түмүктээтэ убайым Кеша.

      Арааһа кыталык кыыл сиэстэрэ Светаҕа майгыннаабат быһыылаах. Мин кыталыгы бэйэм илэ харахпынан көрүөхпүн наада эбит! Ол иһин аҕабыттан, төһө да куттаннарбын, киэһэ аайы: «Мин кыталыгы көрүөхпүн баҕарабын!» – диэн көрдөһөрүм. Ону аҕам сырыы аайы истибэтэҕэ буолара.

      Биир киэһэ аҕам хаһааҥҥытааҕар да хойутаан кэллэ. Улахан санааҕа ылларбыт көрүҥнээх. Ону ол диэбэккэ, бэйэм көрдөһүүбүн: «Мин кыталыгы көрүөхпүн баҕарабын», – диэн хаста да хатылаатым уонна суорҕаммын саптыбакка, аҕабын утары көрөн сыттым.

      Аҕам: «Утуй, нохоо!» – диэн баргыйан кэбистэ. Ытаамахтыы түһээт, утуйдаҕым дии.

      Арай түүн миигин ким эрэ хамсат да хамсат буоларыттан уһуктан кэллим. Остуолга кыраһыын лаампа умайан турар, ол да буоллар, дьиэ иһэ хаһааҥҥытааҕар да хараҥа. Оҕолор бары утуйа сыталлар. Мин бэйэм-бэйэбин атыҥыраатым: баата ыстааннаахпын, хаатыҥкалаахпын, тэлэгириэйкэлээхпин. Аҕам миэхэ истээх бэргэһэ кэтэрдибит, быатын баайа турар эбит. Бэйэтэ, туох баар кыһыҥҥы халыҥ таҥаһын таһынан тулуубун кэтээт, миигин хардаҕас курдук кыбыммытынан, таһырдьа тахсан барда. Тылбаасчыт убайым Кеша утуйа хааллаҕа дии. Онон аҕабыттан: «Бу миигин ханна илдьэн иһэҕин?» – диэн ыйытар кыаҕым суох. Ол иһин бэйэм ыйытыыбар эппиэт көрдүү сатааммын, Чакырга олорбут икки ыйбын барытын ырыттым.

      …Биирдэ


Скачать книгу