Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
өндөйөн аргыый ыҥырда:
– Даайыс…
– Сиэн барда… «Ооккоҕут!» – диэн баран Даайыс күүскэ ытаата.
Ити күнтэн ыла Даайыс тосту уларыйда, күлбэт-оонньообот буолла. Кини туохха да кыһаммат, тугу да сэҥээрбэт, халыҥыар эттээх уостарын ньимиччи туттан баран, уутугар аҥаарыйбыт курдук, туймаарыччы көрөн сылдьар буолла.
Дьоно кинини «олоҕун булларар» кыһалҕаҕа киирдилэр. Кыһыныгар олоҕо көһүннэ. Икки ойоҕо өлбүт, үрэх баһын оҕонньоругар күүстэринэн биэрдилэр. «Күүстэринэн» диэн… «Ити оҕонньорго бараҕын» диэбиттэригэр Даайыс саҥарбата, ханнык эрэ кини билбэт дьахтара кимиэхэ эрэ барар буолбутун истибит курдук аахайбата. «Ону миэхэ тоҕо этэҕит?» диэбиттии Өрүүнэ диэки көрөн кэбиһээт, тахсан барда.
Оҕонньор дэгиттэр барыыстаах күтүөт: улахан халыымы кэрэйбэт, үгүс энньэни эрэйбэт киһи эбит. Онон, үөрүү-көтүү, тиэтэйии буолла.
Кыараҕас харахтарын сүүрэлэҥнэтэн кылахаччытар, тэллэстигэс уостаах, уҥуох-тирии бэйэтин күндү түүлээҕинэн сууламмыт оҕонньор Даайыһы бэргэһэлээн кэллэ. Дьиэ иһинээҕи дьон бары, туох эрэ дохсун күүстээҕи албыннаан тутуох курдук, дьиксиммит дьүһүннээхтэр, ботугураһан кэпсэтэллэр. Саҥата-иҥэтэ суох, тиэтэйэ-саарайа киэһээ аһылыгы аһаатылар да, Мэхээлэлээх кэтэҕэриин оронтон хаҥас диэки көһөн суугунастылар. Кинилэр оннуларыгар орон оҥоро охсубукка күтүөт оҕонньор сытта. Сытаат, күрдүргэччи сөтөллүбүтүнэн барда. Быыһы арыйан, хойуу бөлөнөҕүнэн силлээн дьиэ ортотугар тамнааттыы сытта. Утуйар кэм иннинэ утуйуу буолла.
Симэлийэн эрэр уот иннигэр Даайыс соҕотоҕун хаалан, тымтык төбөтүнэн күлү булкуйа олордо.
Күтүөт күрдүргэччи сөтөллөр уонна сөтөлүн кытта үөхсэн киҥинэйэр.
Маҥнай Өрүүнэ олох мастан испиискэни түһэрэ-түһэрэ, ырбаахытын кэтэн, оһоххо кэлэн уоттаах чоҕу ылан табахтаата. Ол туран бэрт киҥнээхтик бэрт өр тугу эрэ ботугураата. Онтон Даайыс сирэйигэр сыпсыны дугдуруйан баран, оронугар төнүннэ.
Даайыс күлү булкуйа олордо. Хараҥа оһох диэки ыган истэ. Балачча өр буолан баран Мэхээлэ туран таһырдьа таҕыста. Онтон киирэн оһоххо иттэ уонна табахтыы туран, бэрт кырыктаахтык киҥинэйдэ: «Туох буолбут дэриэтинньигий, доҕор!.. Эҥин буолан сөрүөҥнээбиккин, хата!..» – диэн кыбдьырыммахтыы турда.
Оһоххо өһөн эрэр уоттаах чохтор эрэ хааллылар. Даайыс күлүн булкуйа олордо. Онтон тутан олорор тымтыгын эмискэччи тоһута кумалаан оһоххо бырахта уонна сулбу хааман тиийэн таҥас быыһы харытын таһынан арыйа охсон халбыс гыннаран киирэн хаалла. Мэхээлэ аргыый биэтэҥнии турар быыһы одуулаһан турбахтаан баран оронугар өкчөрүйдэ.
Даайыс тоһута кумалаан бырахпыт тымтыга эмискэччи умайан күлүбүрээн, дьиэ иһин сырдата түһээт, умуллан ньимис гынан хаалла. Хараҥа ордук хойунна, чиҥээтэ.
Сарсыарда күтүөттэрэ дьон иннинэ туран уот отунна. Кини хаартыга улаханнык сүүйтэрбит киһи курдук хайдах эрэ кыайтарыылаах дьорҕооттук туттан, саҥата суох аһаан-сиэн бүтээт атын көлүнэн баран хаалла. Барарын кытта дьиэлээхтэр сэргэхсийэ, саҥара-иҥэрэ түстүлэр. «Аныгы чыыр-чаар силлээбит уолаттардааҕар ордук буолуо». –