Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа

Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа


Скачать книгу
аҕал эрэ, доҕоор, бу булду… Барыахха, – куһу ылан арбаҕаһын сиэҕин төрдүгэр куду анньан кэбиһэр уонна торбос үтүлүктэрин булуталыыр.

      Эмиэ хаамсаллар.

      – Аҕаа, атыыр кус тоҕо үчүгэй дьүһүннээҕий?

      – Тыһы кус таптыы көрдүн диэн!

      – Оттон тыһы кус тоҕо куһаҕан дьүһүннээҕий?

      Аҕата тугу этиэн булбакка мунаарар, муннун туора соттумахтыыр, ол-бу диэки көрбөхтүүр уонна этэр:

      – Кырдьык даҕаны… Оттон, атыыр кус дьүһүнүгэр кыһаммат ээ, хотуна оҕолорун үчүгэйдик көрөр буоллун да киниэхэ добуолун.

      – Оттон дьахтар эр киһитээҕэр тоҕо үчүгэй дьүһүннээҕий?

      – Үчүгэй дуо? Ким билэр… Эр дьон ордуктар буолбат дуо?

      Мөккүһэн бараллар. Аҕа үчүгэй дьүһүннээх эр дьону ааҕар. Уол үчүгэй дьүһүннээх дьахталлары ааҕар. Онтон аҕа салҕар, хотторор.

      – О, чэ үгүс да саҥалаах киһи буоллаҕыҥ ээ, – диир.

      Атын сааһыт көрсө түһэр, кинилэр кэпсэтиилэрин истэ кэлэн, күлүү гынан ааһар.

      Уол өйдөөн көрбүтэ: дьиэлэриттэн атын сир диэки баран эрэр буолаллар, соһуйа-өмүрэ түһэр.

      – Хайа, бу ханна бардыбыт?

      – Тыый, оттон бултуу сылдьабыт буолбат дуо?

      – Кэбиэс, дьиэбитигэр барыахха. Кус өлөрдүбүт дии!

      – Манна ханыы көһүннэҕинэ куһаҕан буолуо этэ дуо? – диэн аҕата мунааран турар.

      Мөккүһүү буолар уонна Микиитэни аны «сааһыгар» илдьэ сылдьыа суох буолан баран Дьөгүөрдээн дьиэтигэр төннөр.

      Дьиэтигэр чугаһаат, Микиитэ өрө тарбачыһан аҕатын хоонньуттан куһу оруу тардан ылар, түүтүн өҥүн ньалҕарыччы имэрийэн кэбиһэр: «Көрөө!» – диэн хаһыытыы-хаһыытыы, куһун өрүтэ ууммахтыы-ууммахтыы, балаҕанын диэки тэбинэр. Ханнык эрэ куһаҕан туора ыт дьиэтийбитэ атаҕар сөрөнөн Өлөксөй, охто-охто, убайыгар утары сүүрэн кулупаайданар.

      Киэһэ, Микиитэ утуйбутун кэннэ аҕата «уоран» дьиҥнээхтик кустуу барар. Сарсыарда Өлөксөйдөөх Микиитэ уһуктубуттара: икки ардыларыгар эҥин кэрэ ойуулардаах төбөлөөх атыыр кустар сытар буолаллар.

      Эдьиий

      Үгүс уолаттардаах Такыйаах оҕонньор сэниэ ыал. Сөдүөччүйэ балта Ылдьаана – Такыйаах кийиитэ. Кыһын уонна сайын биирдиитэ Сөдүөччүйэ улахан уолун батыһыннаран балтыгар хоно барар.

      Кими барытын соһуйа-үөрэ көрсөр үчүгэй майгыннаах Такыйаах оҕонньор төбөтүнэн балаҕан үрдүн тоҕу анньыах курдук суодахыс гына ойон турар уонна быһыытыгар, улаханыгар сөбө суох нарыннык ньаамыргыыр:

      – Ноу, аны бу дьон тиийэн кэллилэр дуу?

      Кини ойоҕо, кылгас уҥуохтаах, лаһыккыччыйбыт, сүр омуннаах, эрчимнээх эмээхсин өрө татынньахтыы түһэр:

      – Һэ, аны ходоҕойум кэллэ. Һы, бу киһи балачча улаатан тоотойбут доҕор! Дьэ хайдах олороохтуугут?

      Байбал уонна Сэмэн диэн лиҥкинэһэ сиппит, ойох ыла илик, бэрт күүстээх чэгиэн дьон, Микиитэни илиититтэн-атаҕыттан чырбаччы тардаллар. «Тустуохха! Көмөлүөххэ!» диэн айманаллар.

      Саамай кыра уоллара Охонооһой, Микиитэттэн эрэ аҕа, тыла айаҕар баппатах курдук бөҕүөстүгэстик саҥарар уол, чахчы улаханнык үөрэр,


Скачать книгу