Ааспыт ааспат амтана. Даана Сард
бардаҕа.
Эмискэ ааҥҥа звоноктаабыттара. Киһи соһуйуох ону, бэл диэтэр Дима чуор кулгааҕа истибитэ. «Ким эрэ эйиэхэ кэллэ дуо?» – диэн кини тута сураспыта.
– Ким эрэ кэллэ, – мин трубканы кулгаахпар таҕайбытынан, аан диэки барбытым.
– Кимий?
– Бэйэм да билбэппин, билигин көрүөм, – глазогунан көрбүтүм, – Дима, кэлин кэпсэтиэхпит, пока, – диэт, трубканы арааран кэбиспитим. Ааны аспытым боруокка Денис илэ бэйэтинэн турара. Эчи улаханын, эчи сэниэлээҕин, эчи атынын…
Дениһи көрөөт, тоҕо эрэ аҥаардас биэс эрэ мүнүүтэ анараа өттүгэр, табаҕа суох эрэйдэнэ сыппыппын таһыччы умнан кэбиспитим уонна долгуйаммын тугу саҥарыахпын тобулбатаҕым. Аҕыйах сөкүүндэ иһигэр араас санаа холорук курдук дууһабын үлтү ытыйан ааспыта. Ама итиччэ ахтыбыта буолуо дуо? Туохтан кини итинник үөрэрий? Мин курдук туох да кыраһыабайа суох, кырдьа баран эрэр дьахтары көрөн үөрэрэ саарбах диэн санааттан мин тута хаҕыс тириилэммитим.
– Туох эрэ наада баар дуо? – ыйытыым санаабыт санаабар дьүөрэлэһэрэ.
– Варя, төлөпүөннээн көрбүтүм да трубкаҕын олох ылбат этиҥ. Киэһэ ханна эрэ баран, бииргэ ужиннаабаппыт дуо?
– Ханна?
– Ресторанҥа.
Мин тугу хоруйдуохпун тобулбакка, саҥата суох турбутум. Онтон өй ылан:
– Суох, кыаллыбата буолуо, мин тоҕо эрэ төбөм олус күүскэ ыалдьар, – диэн куотуммутум.
– Биир бакаал кыһыл арыгыттан төбө ыарыыта суох буолар дииллэр…
– Мин рестораҥҥа кэтиэххэ сөптөөх таҥаһым да суох…
– О-оо, мин даҕаны бу хайдах турарбынан барар санаалаахпын, – Денис джинсылаах уонна клетка рубашкалаах.
– Мин эйигиттэн куттанабын, – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
– Варя, мин эйигиттэн эмиэ куттанабын, – диэт, Денис миэхэ чугаһаабыта. – Мин эйигиттэн олус-олус куттанабын, ол иһин ыҥырабын. Икки чааһынан кэлиэм, баһаалыста түһээр дуу. Өскөтүн подъезкыттан тахсыбатаххына, мин тохтоло суох сигналлыам, – диэн сибигинэйбитэ. Денис ити тылларыттан уонна күөх сайыны санатар сырдык харахтара мин диэки олус эйэҕэстик, сылаастык көрбүттэриттэн туймаарарга дылы буолбутум.
«О…» диэн куорат кытыытыгар, бэс чагда быыһыгар турар рестораҥҥа тиийбиппит. Биллэн турар ис оҥоһуута бөрүкүтэ суох эрээри, дьоно аҕыйах этэ уонна киһи соһуйуоҕун курдук, аҥаардас орто саастаах пааралар эрэ олороллоро. Дьыаланы быһаарсар дьон мустубат сирдэрэ буоларын тута өйдөөбүтүм. Быһатын эттэххэ, орто саастаах дьон кэргэттэриттэн саһар уйалара. Ити санааттан хайдах эрэ кыбыста санаабытым. Ол эрээри хайыахпыный, боруогу атыллаан баран төттөрү күрүөм дуо? Олордохпут дии. Мин балык сакаастаабытым уонна оҕуруот аһыттан салаат, кини – эт уонна креветкалаах салаат. Арааһа минньигэһэ сүрдээх быһыылаах, Денис салаатын итинтэн ордук үчүгэй ас суоҕун курдук сиэн барбыта. Оттон мин оҕурсуну айахпар укпутум, сааскы оҕурсу сэрэйбит сэрэх, амтана, уута-сүмэһинэ бүппүт этэ. Официант: «Тугу иһэҕит?» – диэн ыйыппыта. Мин испэр: