Ааспыт ааспат амтана. Даана Сард
быһыылаах. Бэйэҥ да дьүһүнүҥ холоон. Дөөдөллөн, уойбутуҥ сүрдээх! Ойоҕуҥ аһара аһатар быһыылаах. Дима, билэҕин дуо, киһи сааһырдаҕын аайы, аһыырын аччатыахтаах, – мин бэйэм оргуйан турбутум. Дима киһини кыынньыырын сатыыр даҕаны… Ол эрээри, ханныгын да иһин, бэйэни туттунуох баара. – Эбэтэр сексинэн аҕыйахтык дьарыктанаҕын дуу? Ха-ха-ха…
– Һы, сытыырхайбыккын дии! Эт эрэ, хата, ханна сырыттыҥ?
– Истиэххин баҕардаххына, мин киэһээҥҥи аһылыкпын номнуо аһаан кэллим. Онон топпун!
– Эт, кимниин, ханна ужиннаатыҥ? – киһим, иһиттэ эрэ истибэтэ, күүдэпчилэнэн турбута.
– Ол эн дьыалаҥ буолбатах.
– Алҕаһыыгын! Мин билиэх тустаахпын!
– Не смеши, дьиэҕэр бар!
– Барбаппын.
– Бар! – мин, кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, остуолтан ойон турбутум. Онуоха киһим, үөйбэтэх-ахтыбатах өттүбүттэн быһыыланан турбута: миигин икки илиитинэн харбаат, утуйар хос диэки соспута. «Мин эйигин таптыыбын» дии-дии дьаабыламмыта. Күүһэ сүрдээх, хоско анньаат, миигин биирдэ сиргэ суулларан түһэрбитэ. Өссө аҕылыырын быыһыгар, эн орону сыыһа атыылаабыккын диэн тылласпыта. Таҥаспын кум-хам тутан, хайыта сыһа-сыһа, күүһүнэн устубута. Хаһыытаабатын диэн уоспар табах амтаннаах уоһунан түспүтэ. Салгыы мин, хаһан бу иэдээн бүтэрин кэтэһэ, дьиэ үрдүн одуулуу сыппытым…
Бүтэр бүппүтүн кэннэ Дима, туох да буолбатаҕын курдук туттан, душка киирбитэ. Мин бырастыынабынан ыбылы сууланан, истиэнэ диэки эргиллэн сыппытым. Испэр тыһыынча үөн батары анньыллыбытын курдук этэ. Миэхэ чугаһаа эрэ, ити үөн хаатыттан дэлби барыах айылааҕа. Аҕыйах мүнүүтэнэн Дима душтан тахсыбыта уонна сиргэ ыһыллыбыт таҥастарын хомуйан, тиэтэйбэккэ эрэ таҥныбытынан барбыта. Суобаһа оонньообото чахчы. Ол эрээри кини бырастыы диирэ миэхэ да наадата суоҕа. Түргэнник бардын эрэ. Дьэ, кэмниэ кэнэҕэс Дима таҥнан, миэхэ төҥкөйбүтэ. Кини чугаһаабытыгар, мин өссө эбии кумуллан биэрбитим. Бырастыынаны арыйаат, киһим кэлэйбит куолаһынан саҥарбыта: «Варя, хата киһини күллэримэ. Кыыс оҕоҕо дылы, туох ааттаах эҥин араастаан туттаҕын. Биэс сылы быһа бииргэ олорбуппутун умуннуҥ дуо?» Ити тыллары истээт, арааһа бу киһийдээн санаатаҕын аайы манна кэлээри гынар быһыылаах диэн санаа миэхэ көтөн түспүтэ. Күлүүс! Күлүүс ааҥҥа анньыллан турар! Бу акаары! Мин ойон турбутум да, аан диэки ыстаммытым уонна күлүүс тылын уйатыттан туура тардан ылбытым. Дима итини көрөн, күлэн алларастаабыта. Эбиитин, хаадьылаан дуу, эбэтэр дьиҥнээхтих эбитэ дуу, күлүүһү былдьаспыта буолбута. Эмиэ хадьыктаһан барбыппыт. Мин аҥаар илиибинэн полкаҕа турар туох эрэ ыйааһыннаах сувениры ылаат, хаһыытаабытым: «Чугаһыаҥ да саайыам!» Дима мин диэки ыйа-ыйа кыһыылаах баҕайытык алларастаабыта: «Оой-ой, Варюха, хата ужас киинэтин санаттыҥ дии!»
– Бар!!! Билигин милицияны ыҥырыам! – диэн онуоха мин сарылаабытым.
– Бардыым-бардым, спасибо дорогая за все… – диэн эҕэлээх баҕайытык саҥараат, тахсан барбыта. Мин ааны түргэн үлүгэрдик хатаабытым. Эмискэ хараҕым сиэркилэҕэ хатаммыта: мин утары чахчы ужас киинэтин персонаһа илэ бэйэтинэн турара. Бырастыынам сиргэ түһүөхчэ