Ааспыт ааспат амтана. Даана Сард

Ааспыт ааспат амтана - Даана Сард


Скачать книгу
кытта уураһар, фу, төһө эрэ дьаабы диэн испэр сиргэнэ санаабытым. Этэбин дии, ардыгар фантазиям күүһүрэр. «Тиискин уларытыаххын баҕарбаккын дуо?» – диэри гынан баран, нэһиилэ туттуммутум. Ол оннугар: «Денис, эн кэргэннээххин дуо?» – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалбыта.

      – Кэргэннээхпин, – ити эппиэт миигин хомоппута. Тоҕотун бэйэм да өйдөөбөтөҕүм, ол эрээри эмискэ туора дьон бырааһынньыгар кэлбит курдук санаммытым. Санаам кэбирэҕэ сүрдээх, дьиҥинэн, бу олоххо оччолооҕу истэн-көрөн кэллэҕим уонна биирдэ баран эттэххэ, бачча атаҕар турбут эр киһи соҕотох сылдьыбата чуолкай. Ону сэрэйиэх да баара. Эр дьон, уопсайынан, дьахтара суох өр кэмҥэ соҕотох сылдьар кыахтара суоҕа биллэр суол.

      Чэ буоллун, джин бытыылкаттан мүччү ыытылыннаҕа. Онон салгыы «доппуруостаан» барбытым:

      – Хас оҕолооххунуй?

      – 8 саастаах уоллаахпын.

      Биллэн турар, Денис кырылаан олорор кырдьыгы хайдах да кистиир кыаҕа суоҕа. «Кэргэниҥ хайа дойдунуй?», «Тугу үлэлиирий?» – ити курдук бииртэн биир акаары ыйытыылары биэртэлии олорбутум.

      Денис туох да буолбатаҕын курдук, бэрт холкутук, хайдах баарынан хоруйдаан испитэ. Мин испэр кыйаханан барбытым: «Оччоҕуна, миигин тоҕо ыҥырдыҥ?» – диэри гынан баран, эмиэ нэһиилэ туттуммутум. Биллэр буоллаҕа дии, көссүү гыныан баҕарара! Ол эрээри тоҕо миигин? Мин кырдьан эрэбин, аны туран атын дьахталлар курдук эр киһини, саатар албыннаан да, үөрдэр-көтүтэр, саататар дьоҕурум төрүт суох, сүппүт.

      Официант кэлэн: «Өссө туох эмэ наада дуо?» – диэн ыйыталаспыта. Мин төбөбүн быһа илгистибитим. Денис: «Чэйдэ», – диэбитэ.

      – Үүттээх, саахардаах?

      – Да, үүттээх, ол эрээри саахар оннугар мүөт аҕаларгыт буоллар.

      Мин ол аата дьиэтигэр ойоҕо итинник эмиэ үүттээх уонна мүөттээх чэйи кутан биэрэр эбит дии санаатым. Атаах быһыылаах. Арааһа бэйэтэ да иһигэр миигин ресторанҥа ыҥырбытын кэмсиннэҕэ, «древнее ископаемое» диэн күлүү гына олороро буолуо.

      – Оттон мин тус олоҕум туһунан тоҕо тугу да ыйыппаккын, интэриэһиргээбэккин дуо? – харса суохпар киирэн испитим.

      – Баҕардаххына, баҕар хаһан эмэ бэйэҥ кэпсиэҥ. Оттон бүгүн аҥаардас эйигин көрөрбүттэн да үөрэбин, – диэн бэрт холкутук, лоп бааччы хоруйдаабыта. Ити олорон, эмискэ ис-испиттэн иэйэн-куойан туран ытыахпын баҕарбытым. Албыҥҥа итэҕэйэрим оччо эбитэ дуу? Эбэтэр кэлиҥҥи кэмҥэ мин санныбар түспүт туох баар санаабын, олоҕум кыһалҕатын ыарахан сүгэһэр оҥостон айаннаан иһэрбиттэн сылайбытым оччо эбитэ дуу? Ол эрээри билигин ытаатахпына, косметикам иэдэспэр хара бадьах буолан түһүө, тула олорор дьон миэхэ харахтарын хатыахтара уонна: «эрэйдээх, бүтэһик, арахсар түгэннэрэ быһыылаах. Ону тулуйбакка ытаахтыыр» диэн быһаарыахтара. Ытыыр хайдах да табыллыбат. Денис чэй иһэн бүтэрин нэһиилэ тулуйан кэтэһээт:

      – Бардыбыт. Бириэмэ ыраатта, – диэбитим.

      Массыынаҕа айаннаан иһэн, Денис Джо Дассены холбообута. Джо Дассен баара-суоҕа 40 сааһыгар өлбүтэ. Кини курус ырыалара


Скачать книгу