Ааспыт ааспат амтана. Даана Сард
кини тылын истибитим, трубканы уурбатаҕым…
Эмиэ били «О…» рестораммытыгар тиийбиппит. Публика уруккуттан уларыйбатаҕын тэҥэ этэ. Саас ортолоох эбэтэр кырдьа барбыт парочкалар бэйэ-бэйэлэриттэн манньыйа аҕай олороллоро. Саалга киирбиппитигэр биһиэхэ эрэ наадыйбатахтара. Кинилэргэ бэриллибит күүтүүлээх күндү күннэриттэн биир да түгэни мүччү ыһыктыбат, сүтэрбэт кэриҥнээхтэрэ. Мин кинилэри сүөргүлүү санаабатаҕым. Манна диэн эттэххэ, күн сиригэр киһи дьиҥнээхтик дьоллоох буолар түгэнэ бэрт аҕыйах.
Бу сырыыга биһиги Денистиин ө-өр баҕайы көрсүспэккэ буолан баран, дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс булсубут дьон тэҥэ ирэ-хоро кэпсэтэн барбыппыт. Киһи кэпсэтиэн баҕардаҕына аһыллар да эбит! Өр кэмҥэ саҥата суох, бэйэбэр бэйэм бүүрүктэнэн сылдьыбыт буоламмын эбитэ дуу, ол киэһэни быһа тохтоло суох саҥарбытым, күлбүтүм-салбытым. Аттыбар наһаа чугас, истиҥ табаарыһым, миигин өйдүүр киһи олорорун тэҥэ Денискэ сыһыаннаспытым.
Ресторан кэнниттэн, айаннаан иһэн Далида ырыаларын истибиппит. Оо, хайдах курдук кини долгутуулаах куоластааҕый, аҥаардас ыллыыр эрэ буолбакка, бу орто дойдуга баар күүстээх иэйиилэри кэпсиир курдуга. Далида, Далида… Уот араҕас хойуу баттахтаах олус кыраһыабай дьахтар. Туора дьон ымсыырыан курдук. Кини олоҕор сирдээҕи баай барыта баара: талааныгар сүгүрүйэр тыһыынчанан дьон, талаан… Тоҕо Далида бэйэтигэр тиийинэн өлбүтэ буолуой? Мөлүйүөнүнэн ахсааннаах боростуой дьон, күннээҕи кыһалҕаҕа эриллэн, сиэрэй маассаҕа кубулуйаллар, бэйэлэрин сирдээҕи үйэлэрин итинник моҥууллар, оттон аҕыйах ахсааннаах сулустар, улуу дьон, халлааҥҥа кылам гына умайан баран, тугу эрэ тулуйбакка, түргэнник симэлийэн хаалаллар, олох эргиириттэн баҕа өттүлэринэн туорууллар…
– Денис, эн урукку французскай эстраданы сөбүлүүр эбиккин дуу? – диэн ыйыппытым.
– Сөпкө бэлиэтээтиҥ. Французтар ырыалара романтичнай, киһи дууһатын таарыйар. Бу курдук киэһэ айаннаан иһэн истэргэ олус үчүгэй, – диэн хоруйдаабыта. Денис массыыната дьиэм таһыгар тохтообута. Далида «Salma ya Salama» диэн ырыата динамиктан кутуллара. Денис миигин уоспуттан уураан ылбыта. Ити түгэҥҥэ тоҕо эрэ мин кини көмүс фиксаларын туһунан санаан да аһарбатаҕым. Salma ya Salama…
– Мин пластинкаларбын истиэххин баҕараҕын дуо? – диэбитэ.
20-с үйэ бүтэһигэр, виниловай пластинка үйэтин моҥообут кэмигэр, итинник тыллары истэр дьикти этэ. Биллэн турар сонун.
Денис миигин үлэлиир офиһыгар аҕалбыта. Дьоҕус кабинет, иһинээҕи тэрилэ бэрт кэмчи. Остуол, эргийэр кириэһилэ, утары олоппостор, истиэнэҕэ сир шарын картата, халандаар, түннүктэргэ сабыылаах жалюзи. Кабинет иһэ борук-сорук этэ. Ханнык да Штыров, Путин да хаартыскалара суохтара. Арай муннукка «Вега» диэн икки колонкалардаах стереопроигрыватель турара. Денис полкаттан биир пластинканы ороон таһаарбыта уонна сэрэнэн холбообута. Поль Мориа оркестра оонньоон барбыта.
– Тугу эмэ иһэҕин дуо? – диэт, Денис кыракый холодильниктан шампанскай таһаарбыта. Мин суох диэм иннинэ, Денис фужердарга кыынньа сылдьар утаҕы