Өлүү-тиллии икки ардынан. Прокопий Чуукаар

Өлүү-тиллии икки ардынан - Прокопий Чуукаар


Скачать книгу
саба барыйан турдаҕына көҥүл. Бэрт чугас буолан ыттар сыт ыллахтара. Сыарҕатыгар сыҕарыйар-сыҕарыйбат сыылыҥхайдаан тиийэн саатын сүөрэр. Бэл табаны хотуппат баҕайы үрүҥ эһэни хайыа эбитэй. Тирээн туран ыта сатаан көрөрө дуу. Аны ыттара куотан хаалыахтара турар. Тарыыр маһы иҥиннэрэр тоҕоостоох муус чөмөҕө суох быһыылаах. Бэриэччитигэр тиийэрэ буоллар, ытын бэйэтигэр хам кэлгиниэ эбит. Ытыгар сынан тиийэн, быатын туппахтыы сылдьан сылбырхай ууну чалымнатан ылар. Бай! Тааҥар бэлиэр кэлбит буоллаҕа дуу. Бу сырыыга сулбу-халбы сыарҕатыгар батыччахтаан тиийэн тарыырын тардыаласпыта мууска хам тоҥо охсубут. Быһаҕынан чээччэйэн онтун бэрт өр астаһан араарар. Барыахтаах сирин маһынан анньыалыы сылдьан муус ырбыыламмытын булан ылар. Ураҕас тиийбэт кэтиттээх аһаҕас уу субу бургучуйа сытар эбит. Ыттара ырбыы адьас кыламаныгар тохтообуттар. Кыл мүччү муораҕа умсаахтана сыспыттар. Курумуутун уллуҥа мууска сыстаҥныыр гына илийбит. Ыттарын атахтарыгар инчэҕэй биллэн эрдэҕэ, кэннилэринэн тэйэн сыарҕаларыгар ыга сыстыбыттар. Халлаан сырдыырын манна кэтэһэрэ кутталлаах буолсук. Ууга да былдьатыыһыктар, тоҥон да буорайыыһыктар. Хаар тохтообот килэҥ муус чысхаанын туох тулуйуо буоллаҕай! Сыарҕатын төттөрү соһон балачча барбахтыыр, онтон ыттарын быаларын бэрийэ-бэрийэ дьиэтин туһаайыытын булларар.

      Сарсыарда сырдыкка кэлэн көрбүтэ, уонча миэтэрэ кэтиттээх муора мууһа ыраахха диэри хайа барбыт. Уҥуоргу өттүгэр муус модьоҕото кими да ыыппат гына өрө күөрэлэммит. Муус үрдүнэн сылбырхай уу килэччи тоҥмута ыты да таба тирэннэрбэт үлүгэрэ. Тыал күүһүттэн сыарҕата ыттары талбыт сиригэр тамнаталыыр. Чараас муус араастаан тоҥмутугар тилэхтэрин быһыта үктээн ону салана сытаахтыыллар. Маннык буоллаҕына, өтөрүнэн Киһилээххэ сананыа суохтар. Үстүү сүүс кыраамнаах уонча бааҥка балык кэнсиэрбэлээхтэр. Онон хас хонуохтарай?! Ыттарын аһылыгын сиэн кэбистэхтэринэ, күнүнэн буруолара сабылларыгар тиийэр. Онтулара да үксэ саллааттар аһылыктарын тобоҕо, ону кытта икки-үс куул куһаҕан балык эрэ. Ыксаатахтарына, бэйэтэ соҕотоҕун сатыы баран кэлэрэ дуу, Тароторины хабарҕалаан да туран аҕыйах куул бурдугу син аҕалтарыа этэ.

      Уйбаан саатын сүгэ-сүгэ туундараны күн тура-тура кэрийэ сатыыр да, кыыллара хараҕар да көстүбэттэр.Үһүс күнүгэр эмиэ туга да суох дьиэлээн истэҕинэ, арҕаалата соҕус саҕахха, кини көрдөҕүнэ, кутаа уота көстөргө дылы. Дьиэтэ тус соҕуруу, оттон ол диэки уот оттуох ким да суох буолуохтаах этэ. Хайа дьаабыный? Баалаан хараҕа иирэр дуу? Суох, илэ умайар. Котельнай арыытыттан хайа эрэ булчут кэлэн истэҕэ. Атын ким да кэлиэх туһа суох. Баран сэрэтиэххэ. Этэрикээн билиитин арҕаа өттүнэн Киһилээххэ быһа астарыан наада. Илдьит да тириэрдиэн сөп.

      Уоту туһулаан барбахтаабытын кэннэ кутаа эмискэ көстүбэт буолан хаалар. Утуйдахтара. Бинокулунан саҕаҕы көрө сатыыр. Киһи хараҕар хатаныах баара көстүбэт. Сатахха утары сытыы тыаллаах. Оннук санаа мучумааныгар ылларан саараан турдаҕына, туох эрэ харалара хаар үрдүнэн төкүнүһэн таһынан кэлэн ааһаллар. Таах туруохтааҕар биир хараны төҥкөс гынан ытыһыгар түһэрэн ылар. Таба түүтэ тыалга үрдэрэн тэлээриҥниир эбит. Баччаҕа таба түүлүөх туһа


Скачать книгу