Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Дьэ киһийдэххин дии… – диэт Миитэрэй, Тартаайаны кэннинэн хас да хардыы тэмтэкэччийиэр диэри күүскэ үтүрүйэн кээстэ.
Тартаайа аҕата Ньөкөөрөр тайах маһын өрө көтөҕөн чочоҥното-чочоҥното уолугар туһаайан:
– Хара сордоох онтон… Иирсээнэ суох сылдьыа дуо, наар кини дьону кытта мөрөйдөһөр буоллаҕа… – диэн мөҥүттэн муҥнанна.
Талыабай сиргэ сытар Чукчакыыны тиийэн окумалыттан ылан өрө тардан туруорда, хаар, муус сыстыбыт таҥаһын дуомун тэбээн көмөлөспүтэ буолла.
– Ыл, Чукчакыын, дьиэҕэр баран хаал, халлаан да тымныы, сыгынньах таһырдьа мээнэ сылдьыма.
Чукчакыын муҥнаах өгдөҥкөлүү-өгдөҥкөлүү ытаан сыҥыргыыра тохтоото, били, ытыһыгар кистии туппут, көтүрү саайтарбыт балталарын, кыра оҕо лыаҕы тутан баран аны көтөн, куотан хаалыа диэн сэмээр кылатарыныы, кумуччу туппут сутуругун муннун анныгар тиэрдэн, тарбахтарын сэгэтэн көрдө уонна:
– Бааллар… – диэт, туох эрэ күндүнү булбут киһилии, өрө ыстаҥкалыы түстэ. – Ийэбэр биэриэм… ийэбэр биэриэҕии-им… – дии-дии дьиэтин диэки сүүрэн, дьыгынаал ыстаанын кэннэ кыаһалыктана турда.
Борускуобуйа биһикки Чукчакыыны аһынан хайдах да буолуохпутун булбатыбыт.
– Дьэ сордоох киһи… – диэн Борускуо, оол курдук, сүүрэн эрэр уолу батыһа көрө-көрө саҥа аллайар. – Хаарыан тиистэрин алдьаттаҕын, аны кэлэн хантан иккистээн киниэхэ итинник тиистэр үүнүөхтэрэй, туох да суота-солуута суохха эҥин араас буолан экчэҥкэлээннэр, дьон да бөҕөлөр. Бэйэлэрэ булсан, элэк-хаадьы оҥостон бадьыыстыы-бадьыыстыы, хата, атын аҕай хабытайданыы дии… – Борускуобуйа бэйэтиттэн-бэйэтэ тымтан кэлэн Тартаайаны сэмэлээн барда. – Чукчакыын «куһаҕанын» билэ-билэ тоҕо тыытаҕын, тугун иһин ити сордооҕу сэймэктии сатаатыҥ, тииһэ эйиэниттэн ордугун иһин ону көннөрөн биэрээригин дуо, киһи да бөҕөҕүн… Бэйэҥ кыраттан тымтар майгыгын билиммэт эрээригин туора дьону ыстырыыстаабат буол, туттунуохха да баар эбит…
– Ким ыстырыыстаабытын этэҕин?!. – Тартаайа бүк барбыт ырбаахытын сиэҕин көннөрүнэ-көннөрүнэ Борускуону сүүлэ киирбит оҕустуу сүүһүн аннынан сүргүччү көрө-көрө кынчарыйда, онтон тугу эрэ ситэри этэн хардарсаары айаҕын атан иһэн тохтоото, киһи эрэ буоллар, аахсан да туох туһа тахсыаҕын дии санаата быһыылаах. Чукчакыыны да, Миитэрэйи да кытта тутуһарын тухары төбөтүттэн түспэккэ, иилиллэн сылдьыбыт нэк буолбут тугут бэргэһэтин илиитин көхсүнэн кэтэҕин диэки хаһыйа анньынаат, сугулаан диэки соруктаах аҕайдык хааман, кэтит санна уҥа-хаҥас даадаҥныы турда.
Күнүскү аймалҕан итинэн тохтоото. Эр дьон өссө да сээкэйи сэһэргэһээри, хаһыат кумааҕытыгар табах эринэ хааллылар. Борускуо биһикки киэһэ мунньахха көрсүһүөх буолан араҕыстыбыт.
Мэхээлэйэп таҥара саҕана биир күн Улахан Баһылай оҕус борооскубутун өлөрдө. Мин Баһыычаанныын оһохпут уота күөдьүйэ умайбытын кэннэ, чугуун хаппаҕын арыйан олорон тымтыкка иилэн итир саллан сиэтибит, саһарчы буспут итир сарбынньаҕа хачыгыраан минньигэһэ сүрдээх. Онно сөп буолбакка аны салгыы