Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
дьээбэрэн күлсэллэрэ. Ньукулай: «Сыарҕабар тиэммит отум дьоҕус этэ, хата табахтаан баран отум үөһэ олорботохпун ээ, ыстааммыттан оппор кыым түспүтэ буоллар дьэ кырдьык да алдьархай тахсыахтаах этэ…» – диэн бэйэтин тэмтэргэнин кэпсии-кэпсии күлэрэ.
Эбэм хамсатын соппойорун быыһыгар:
– Ыаллыы нэһилиэктэртэн туох сонун иһиллэр, тугу биллиҥ-көрдүҥ? – диэн Өксөөнүттэн ыйытар.
– Улахан туох да сонун суох… Сурах хоту иһиттэххэ, «Сэссэлииһим суола» холкуос бэрэссэдээтэлин Борокуоппай Алампадьыыстабы үлэтиттэн устубуттар үһү. Үҥсүү баарын иһин куораттан боломуочунайдар тахса сылдьыбыттар дииллэр. Хоргуйан өлбүт холкуоһун дьонун түөрэтин «ыалдьан», эбэтэр араас оһолго өллүлэр диэн суруйан биэрэр киһи, туох эрэ «алҕаһа» билиннэҕэ, арылыннаҕа дии. Дьон хайа муҥун тулуйан сылдьыай, тыл хоноро, үчэһэ туолара диэн эмиэ баар баҕайыта, саарытын анньар «чобуолар» көһүннэхтэрэ, оннооҕор көстөн турар үрүҥү – хара, хараны – үрүҥ диэн үҥсэ сатааччылар үгүстэр буолбаат… Ол эрэн арыый «үөһээҥҥилэрбит» бука, хоргуйан өлбүтү – ыалдьан өлбүт диэбиккин диэн кирдиэхтэтээри тахсыбатылар ини арааһата, бэйэлэрэ дьону хоргуппатах «үтүө дойдуга» олорор аатыраарылар, – диэн Өксөөн урут улаханнык кэлэйэ сылдьыбыт киһи быһыытынан ахсарбатахтыы, сэҥээрбэтэхтии саҥарар. – Туох да суота-солуута суохха, хаста-хаста кырыммыттарай, хата кинилэр сололоро да бэрт… Алампадьыыстап бука туох эрэ лаппа улахан «дьиэгэ» арыллан түөрэҥнээтэ, туллаҥнаата ини, кини киһи.
– Кэбис, инньэ диэмэ, кини да киһи буоллаҕа, – эбээ үгэһинэн «эркин кулгаахтаныа» диэн дьаарханан саҥарар.
Өксөөн ийэтин саҥатыгар кыһаллыбат.
– Һэ, чэ хайа…
– Оннук-оннук, – Настааччыйа, сураҕы-садьыгы истэ, билэ-көрө сылдьар сэргэх аҕай дьахтар, күрэ балыһын саҥатыгар сөбүлэһэ охсор.
Эбээ тугу да хардарбат, табахтаан бүтэн, хамсатыгар «хаһаас» хаалларбыт өссө да ситэри тардыллан бүтэ илик табаҕын, тойон эрбэҕэр силлээн баттыалаан баран сиэбигэр уктан кээһэр уонна туран хаҥас өһүө тоһоҕотугар ыаҕайаҕа ыйаан аһыппыт сүөгэйдээх иһитин ситии быатыттан ылан остуолга аҕалан уурар, муос ытыгынан ытыйан арыылыыр.
Ытык тыаһа убаҕас сүөгэйгэ биир кэм сирдьигинии тыаһаан иһэн сотору хойдон бүтэҥитик куллургуур эрэ буолар. Ити тухары дьонум сээкэйи кэпсэтэн айахтара хам буолбат. Настаа Өксөөнүттэн сээкэйи бары сураһар, ыйыталаһар…
Сүөгэй – үөрүйэх илиигэ бэрт сотору арыыга кубулуйар, эбээ арыытын «бэйэтин киэнигэр уулаах барар» диэн, туспа иһиккэ, күөл ыраас уутугар ыгар, ытыһыгар мэкэчитэн таптайбахтыыр уонна мэчикээҥҥэ «пэс» гына быраҕар. Ити арыылаабыт арыытын аны кыынньарыахтаах, төбүрэҕин туһунан араарыахтаах, дьэ уонна бүтэһиктээх ыыс-араҕас буола дьэҥкирбит арыытын тоҥорон, мунньан нолуокка диэн туттарыахтаах.
Улахан Баһылай дьахталлар кэпсэтэллэригэр кыттыспат. Өссө Мундулуҥдаҕа эрдэҕинэ быстан хатарыммыт хатыҥыттан киллэрэн, оһох иннигэр олорон сүгэ уктанар. Баһыычаан