Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
буолааччылар, көрүөх бэтэрээ өттүнэ күрдүргэтэн, курдурҕатан кээһээччилэр ээ.

      Мин испэр «ол иһин да муҥхаҕа Киспэлээх Талыабай наар анньыыһытынан сылдьыбыттар эбит» дии саныыбын. Төһө да күһүҥҥү күрэх муҥхатын саҕана күөл мууһа чарааһын иһин, анньыыһыт дьон сатабыллаах туттуулара-хаптыылара онно да көстөрө, тааҕы-таах, били этэргэ дылы «тэһэ анньа-анньа» бара тураллара. Оттон туона саҕана, саас кыайыгас-хотугас анньыыһыттар бааллара – улахан абырал. Анньыыһыт дьон «туох эрэ курдук» ытыктана көрүллэллэр…

      Хаар чарааһын иһин Баһылай уларын туһаҕын эһэ илик. Үнүр биир күн үс токутары ылан кэлтэ. Ол иннинэ хас да хабдьыны, биир хара улары аҕалбыта. Табысхааны син мэнээк бултаата. Баһылайбыт булдун, күрэхпит муҥхатын балыгын солбуйан сиибит, онно эбии сүөһүлэрбит барахсаттар үүттээх буоланнар – үрүҥнээх чэй, күннэтэ күөрчэх сиэн абыранныбыт.

      Талах чааркааныттан ылбыт бэлиэлээҕин Баһылай таҥастаан баран лааппыга туттарар. Кэлин соло булан сиригэр барбатаҕа хас да хонно. Дьиҥинэн Арыылаах Бэрэтэ дьиэ таһа, чугас сир, киһи быыс-арыт булан күннэтэ да бара сылдьыан сөп эрээри, бэл онно да көстөр соло суох буолан хаалар. Мин Баһылай олорор күөлбүт куруҥар табысхааҥҥа ииппит туһахтарын хаста да көрбүтүм. Өҥө-түүтэ сиппит куобах кыл туһахха иҥнэн, тэптиргэҕэ ыйанан, ыраахтан кылбайан турара оҕо киһи санаатын сэргэхситэрэ кэмнээх буолуо дуо. Өссө биирдэ Оҕонньор Уҥуоҕун өтөҕөр бугул тэбэн ииппит чааркааныгар муҥур иҥнибитин ылан кэлбитим. Чааркааммын урут хайдах турбутун курдук хат ииппитим. Ол нөҥүө күнүгэр Баһылай, отун ыйаан кэлэн иһэн, мин ииппит чааркааммыттан атыыр бэлиэлээҕи араарбыт этэ: «Аана ииппит чааркааныгар бэлиэлээх түүнүнэн иҥнибит, бэйи, итинтиҥ да иҥнэр киһитигэр иҥнэр, киирэр киһитигэр киирэр…» – диэн саҥа-иҥэ буолта.

      Кыдыбыл күөлүн диэки ииппит сохсолорун Баһылай бэйэтэ көрөр, мин ол эҥээр сылдьыбаппын. Настаа биһикки от тиэйэр сирбититтэн отой туора, халты сытар күөл.

      Сураҕын иһиттэххэ, оҕонньоттор, оҕолор дьиэ таһыттан куобаҕы биирдиилээн эмэ син ылаллар быһыылаах. Бэҕэһээ, эбэттэн (Арыылааҕы үксүн харыс тылынан ханалытан ааттыырбыт) от тиэйэн истэхпитинэ Ньохо Миитэрэй уола Сахаарка икки табысхааны атахтарыттан талаҕынан эрийэн баран сүгэн иилиҥкэйдэтэн иһэрэ. Сахаарка – обургу уол, миигиттэн эрэ арыый балыс, бултуйан, сэгэччи мичээрдээн үөрбүт ахан этэ.

      Огдооччуйа Быркылааҕыттан отун ыйаан хойут кэлэр үгэстээх, ол иһин биһиги күөспүтүн хоторунан аһаатыбыт. Идэһэ тиэрэ көтүллүбүт күнэ – дьоро күн, сайыны билбит сүөһү минэ да барар. Кэрчик-кэрчик бөдөҥ кырбаһынан буспут эти тэлэкэлии быһа-быһа тотуохпутугар диэри сиибит. Баһылай мөскүөм эти тииһигэр ытыран олорон, ууннары тарда-тарда, сытыы быһаҕынан быһа сотор. Туораттан көрөн олорор киһиэхэ, санааҕар уоһун тэлиэх да курдук. Маҥнай утаа саҥаиҥэ мэлийэр, айах тыаһа ньамыргыыра, миин иһиллэн сыпсырыллара эрэ иһиллэр. Биэрэ ынчыктыы-ынчыктыы борооскутун иҥиирдээх этин тардыалаһар, дьиэ иһэ хото сылыйан тириппит-хоруппут, муннун төбөтүгэр кып-кыра таммах оҕолоро быдьыгыраан тахсыбыттар,


Скачать книгу