Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
сирэйэ-хараҕа суох буолбут дьоҥҥутуй, доҕор! – дьон итэҕэйбэккэ ини-бии Ыстапааннаах Сэмэни сүрүргүүллэрэ.

      – Уопсай аһы-үөлү көрөн-истэн бэрэссэдээтэл холкуостаахтарыгар, сөбүн көрөн, аттаран түҥэтэн аһата олорор…

      – Холкуоһа да суохтарыгар диэриий, доҕор! – Сэмэн сөҥ куолаһа көөҕүнүүр.

      – Өскөтүн оннуга да буоллар киһи омнуолуоҕа суох ини… – долгуйбут дьон санааларын итэҕэтиилээхтик тириэрдэ сатаан, арааһы бары, ардыгар түҥ-таҥ да, саҥаран, тыллаһан ылаллара.

      – Өксөөн туох да буруйа суох…

      – Биһиги холкуоска хоргуйан өлбүт таҥара көмөтүнэн… ээ, Өксөөн өҥөтүнэн этэҥҥэтэ суох, ол бэрэссэдээтэл үлэтин түмүгэ, туох хара балыырай, ол-бу буолан хойох хостоһо сатаабатыннар!.. – симии оһох кэннигэр олорбут Байках Маарыйа диэн икки хараҕа суох эмээхсин баара тайах маһын чочоҥнотор, чахчы долгуйан Өксөөнү көмүскээн илиитэ титирэстиир.

      – Бэйи тохтооҥ, аргыыйыҥ… чуумпуруҥ!.. – үҥсүүнү аахпыт киһи уҥа илиитинэн далбаатаан уумсаам буолан күйгүөрбүт дьону чуумпуралларыгар ыҥырбыта уонна Уйбаныап Ыстапаан ыксатыгар олорор Өксөөҥҥө туһаайан, ол эрэн үҥсүллээччи диэки хайыспакка эрэ: – Александра Прокопьевна ити ааҕыллыбыт үҥсүүгэ тугу диигин? – диэбитэ.

      Өксөөн остуол үөһэ сытар дьыалатын-куолутун кумааҕытын уктубут эргэ, тирии бартыбыалын, тоҕо эрэ, ытыһын тилэҕинэн эрэмньилээх баҕайытык таптайан баран:

      – Бу манна баар барыта: туох ханна, хаһан түҥэтиллибитэ, ороскуоттаммыта, хас биирдии киһитигэр тиийэ төһө, хайа ас бэриллибитэ, хантан атыылаһыллыбыта, «хамнаабат буон» харчыта туохха туһаныллыбыта, чыыһылата, күнэ-ыйа барыта… – Өксөөн куруук буоларыныы саҥата холку, этиитэ итэҕэтиилээх. – Тоҕо үҥсүү түһэрбиккитин сатаан санаабаппын. Холкуос үлэтин-хамнаһын дьыалатын, дөкүмүөнү, аһы-үөлү хамыыһыйа дьоно ааҕан, көрөн билистигит, дьон да санаатын истибит буолуохтааххыт… Ас-үөл чорботуллар да буоллаҕына, ис кыаҕы көрөн, туһанан, дьоҥҥо хайаан да түҥэтиллиэхтээх. Айах хамсатар баарын үрдүнэн дьону хоргутан өлүүгэ тиэрдии – ол буолуо, арааһата, ордук ыарахан буруй. Атын үгүс холкуостар хайдах дьаһанан олороллорун, «аһы хаһаанан» хайа түмүккэ кэлбиттэрин бэйэҕит да истэ, билэ-көрө сылдьаҕыт, онон мин тугу үгүһү-элбэҕи этиэхпиний, этэр этиим, саныыр санаам итинник… – Өксөөн ааҕар балаҕан мунньахтыыр хоһугар толору мустан олорор дьону эргиччи көрөн ылбыта.

      Эдьиийим холкутун сөҕө саныыбын, «дьүүллэнэ» да олорор киһи курдук буолбакка, туох эрэ, быстах сорукка киирэн олорор киһи курдуга. Ол остуол үөһэ тэскэйэ сытар бартыбыалын кыбынна да, субу тахсаат, үлэтин-хамнаһын дьаһайбытынан, ыйыы-кэрдии биэрбитинэн барардыы букатын туттубут этэ.

      Хас биирдии этиллибит тыл барыта боротокуолга суруллан иһэрэ. Сэкирэтээр бөрүөтүн тыаһа тохтоло суох кыычыгырыыра.

      Бу тухары саҥата суох наар истэ эрэ олорбут бэрт оттомноох сирэйдээх-харахтаах, хара тирии сонноох киһи аа-дьуо устуулуттан туран хаста да көхсүн этитэн баран, ынах салаабытын курдук кэтэҕин диэки ньылҕаарыччы


Скачать книгу