Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов
муҥнаах «туйахпын хатарар соҕотох уолум…» диэн ымманыйан бөҕө буолаахтыыра, онто ханна баар… хаарыан уол, хайаан да үтүө ыччат тахсыах киһитэ этэ… Ыачайын, өссө хаама илигинэ, букатын балчыр оҕо эрдэҕинэ, аҕата сүнньүгэр сүгэн даллаххаччытан субу-субу кэлэн барааччылар, уолун туох эрэ курдук көрөрө… Сөдүөт сордоох эрдэ «бараахтаабыта» да ордук эбит… – диэтэ.
Түүлээх түүтэ кылааннана сиппитин кэннэ, Ылдьаалаах Балаҕаччыттан, Ньычаҥда диэн сиртэн, көлүүр табаларын туттан кэллилэр. Быйыл, Кыра Баһылай сэриигэ ыҥырыллан, Ылдьаа ыала Дьабадьы Хабырыыллыын кыттыгас бултуур буоллулар. Табаларын туркутун оҥостон, лээмпилэрин, ньуоҕуларын сөргүттэн, бултуур сэптэрин-сэбиргэллэрин бэринэн, ыһыктарын, таҥастарын-саптарын тэринэн хас да күнү быһа түбүгүрдүлэр. Аҕыс турку табаны көлүйэн, онтон ордугун, солбук табаларын сэтиилэнэн, отой ыраах, инньэ Лииндэ өрүһүгэр тиийэ барыахтаахтар.
Күһүн көрдөххө булчуттар талах чааркааны хас да турку муҥунан өрөһөлүү тиэнэн бараллара. Мас чааркаанынан бэлиэлээҕи, солоҥдону бултууллар. Кырсаны пааһынан, саһылы үксүн айанан уонна тимир чааркааны олугар ууран ылар албастаахтар.
Сылгыһыттар Дьөһөгөй оҕотун саас-сааһынан араартаан, өҥүн-дьүһүнүн эгэлгэлээн эндэппэккэ билэллэрин курдук, табаһыттар таба сүөһүнү эмиэ сааһынан арааран араастаан ааттыыллар: бииригэр диэри саастаах – тугут, иккилээх – абылахаан, тыһы таба – сачарыы, үс саастаах атыыр – иттээни, оттон үөһэ саастаах атыыры – атыыр таба, аттаммыты – буур, аны туран түөрт саастаах бууру – ньуорхан дииллэр…
Сотору Ылдьаалаах Баһылай бултуу бардылар. Өтөхтөрүттэн сэтинньигэ аттаммыт дьон инньэ кулун тутар ыйга диэри хара тыаны кэтиэхтээхтэр…
Биһиги Мундулуҥдаҕа быр-бааччы кыстаан олордубут. Хото кылгаабыт күннэр бииртэн-биир элэҥнээн ааһан истилэр.
Күһүн Улахан Баһылай туулаан ылбыт мундутун холбоҕо кутан эбэм Маарыйа лыыбалаан турар. Холбо оҥоһуута улахан уустуга суох. Сиэрдийэ маһынааҕар суон, сонос соҕус үөл тииттэри охторон, аҥаардастыы суоран, моойторук олуктаан тутан таһаараллар. Быһа холуйан үс атыл усталаах, биир ыллар атыл туоралаах. Үрдүгүн ким төһө кыахтааҕынан, бултуур эбэтэ төһө баайдааҕынан көрөн дьаһаналлар. «Ол киһи бачча мастаах холбону, ити ыал оччо эркиннээх холбону оҥостубут үһү…» дэһэн кэпсэтэллэрэ. Суоруллубут мастары тэлгэтэн түгэхтииллэр. Холбо маһа суоруулаах буолан эмэҕирбэт, онон хас эмэ сыл устата тутталлар, кыһын көтүрэн баран, ыт эҥин ииктээбэтин диэн, эҥээрдэринэн наар-наар сааһылаан, адарай оҥорон ол үөһэ чөкө ууран кэбиһэллэр. Баһылай тымтайга сүгэн таһаарбыт мундутун мин, эбэбэр көмөлөһөн, чохутун, баҕатын, уутун кыыһын ыраастаһабын. Мундуну холбо туолуор диэри куталлар уонна хатырыгынан сабаллар, баттаталлар. Лыыба уһуннук турдаҕына үчүгэй баҕайы аһыйбыт сыттанар, ону сытымсах муҥутаан кыра кыыллар: кырынаас, солоҥдо, кутуйах уонна ардыгар өссө саһыл эмиэ булар. Ол иһин кыыл-сүөл тунайдаабатын, ыспатын диэн холбону уулаах хаарынан килэччи