Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
баар буолар. Ону чабычахха кутан дьиэбитигэр илдьэбит. Маттаҥаа хасааһын сонуок иһигэр буолбакка, бүтэй тас өттүгэр чугас соҕус мас төрдүгэр, кытыан анныгар, кураанах дулҕа анныгар эҥин хороон хастан мунньар. Сайылык оҕолорун кытары күтэри, дьирикини бултаһабыт. Талах чааркааны хорооннорун айаҕар иитэбит. Син иҥнэр. Булпутун, булчут дьон сиэринэн, эбэбит үөрэппитин курдук бэйэбит таҥастыыбыт, күтэрбитин ахтатынан хайытан сүлэн хаптаһын киэпкэ маһынан тоһоҕолоон тиирэбит. Онтон моҕотойу кырынаастыы айаҕынан сүлэбит. Сатаатахха, үөрэннэххэ судургу. Күтэрбит, күрдьүгэспит хаппыт тириитин үллэстэбит. Мин ирээт тириибин Ылдьаалаах лааппыга туттараллар. Биир күтэр тириитэ – уон аҕыс-уон тоҕус харчы, ол санаабытыгар сүрдээх элбэх курдук. Аны туран «халлаантан түһэр» үп буоллаҕа. Күтэр харчытыгар испиискэ, мохуорка ылан кэлэн баран: «Бу оҕолорбут бултаан ыллыбыт ээ…» – дэһэллэр. Дьоммут хайҕыылларыттан ордук үчүгэй биһиэхэ туох да суох.

      Дьирики бааһынаҕа кыайан өлөртөрбөт. Үксүн ыт маска таһаарар, ону экчиргэлээн, түстэҕинэ ыкка туттаран бултуубут. Күтэр хасааһа дэҥнэтэн биирдэ эмит көстөр, оттон дьирики хасааһын отой буллартарбат. Бааһына тулатыгар, чугас эргин тыаҕа, оскуола оҕолоро этэллэринии «бирэдиитэллэри» сонордоһон, уһун күнү быһа сылдьабыт. Ол эрэн дьиэтээҕи түбүкпүтүн умнубаппыт, анал үлэбитин лоп бааччы толоробут…

      Атырдьах ыйын ортотуттан бурдук буһан барар. Киэҥ сонуок иэнин тухары, толору ас куппут, саһарчы буспут нэчимиэн сиккиэр тыалга долгулдьуйа устаҥныырын көрөргө астыга сүрдээх.

      Ый кээрэниитэ холкуостаахтар бурдуктарын хомуура саҕаланна. Сорох дьахталлар сиэрпэнэн быһан сырылаталлар, сорохтор түүтэхтии-түүтэхтии баайаллар уонна соһулуомнууллар.

      Уон үспэр барбыт обургу киһи Маарыйа эмээхсини кытары бииргэ сылдьан тэҥҥэ үлэлэһэбин. Соһулуомнуубут, баайбыт бурдукпутун ааҕан иһэбит. Буспут бурдук туорааҕын илдьи ыстаан амтаһыйан көрдөххө сиикэй тиэстэ амтана кэлэр.

      Төкөй кыыһа Огдооччуйа диэн үөрэҕэ суох, турулус-ирилис көрбүт дьахтар баара баайбыт бурдугун дьоҥҥо аахтарар. «Огдооччоо-ой, баайыыҥ балтараа сүүс буолбоо-от!..» – диэтэхтэринэ Төкөй кыыһа: «Па, оччо эрэ буолбут дуу, мин уон ордугуна биэс баҕас буолбута буолуо диэбитим ээ…» – диэн дьону күллэртиир. Огдооччуйа туох да оонньуута суох, кырдьык-хордьук көлөһүн-балаһын аллыбыт сүүһүн сир симэҕэ ойуулаах сиидэс былаатынан сотто-сотто, мунаахсыйан, көрөн-истэн кылахаччыта турар дьүһүнүттэн киһи эрэ күлүөх курдук. Ким төһө бурдугу быспытынан, баайбытынан көлөһүн күнэ ааҕыллар.

      Үчүгэйдик буспут туораах хаһыҥҥа ылларбат, хата, ол оннугар ситэ буспатах, кылыстаммыт эрэ бурдугу хаһыҥ дөбөҥнүк сиир, үлүтэр.

      Уонча хонугунан биһиги эҥээр бааһына бурдуга барыта быһыллан бүттэ. Ол кэннэ аны хаалбыт, тохтубут бурдук куолаһын чабычах тута сылдьан итигэстиибит. Соһулуомнаммыт бурдугу бэркэ сэрэнэн, тохпот-хорбот курдук тутан, оҕуһунан тиэйэн бүтэй муннугар дьэндэйбит араҥаска илдьэн сааһылаан


Скачать книгу