Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
диэки дөрүн-дөрүн саа тыаһыыр, ити кимнээх буолуой, ыаллыы холкуос дьоно ол эҥээринэн тэлэһийиэ суохтаахтар этэ…» – диэн кистии-саба, ботур-итир кэпсэтэллэр. Тугу истибиттэрин-көрбүттэрин, биллэн турар, аһаҕас айахтаах өттүлэрэ туппаттар, онтон сорохтор саараама ылы-чып, төһө да ханыылаһан бииргэ сырытталлар: «Ээ билбэтим, ити киһи арай истибитэ буолуо…» – диэн саба сапсыйан кэбиһэллэр. Сүтүктээхтэр дьонноро: «Билигин кыыл хааһар кэмигэр, от үлэтэ үмүрүйбүтүн кэннэ сир кэринэн хаамаайылыыр эрэ элбэх ини…» – улаханнык ахсарбатахтыы дьиэс-куос тутталлар.

      Муҥхаарыма үрэҕэр сайын ким да сылдьыбат, эгэ оттуохтара дуо, кый бырах, тэбэр бас, түҥкэтэх, ыһыытыыр үрэх баһа дойду. Бэл куйаас сайын кууран биэрбэт ооҕуй бадараанныыр киэҥ толооннордоох, бүтүннүү алыы аараабыт, ээй эҥээрдэспит сирэ-дойдута. Саас, күһүн сааһыттар, тайахчыттар баран сыталлар. Сааскы да өттүгэр, сир ситэ ирэ илигинэ, эбэтэр күһүн добдурҕа саҕана биирдэ көлөнөн тахсан, чахчы сырыыны-сылбаны кыайар өттүлэрэ, холкуос булчуттара эрэ ыырданаллар. Кыра, аҕыйах ахсааннаах нэһилиэк буолан: ким ханна сылдьара, барбыта-кэлбитэ барыта биллэр. Күрээбит дьон сайын куоталларыгар саалара суоҕа эбитэ үһү. Дьон кистии-саба: «Кэлэн дьиэлэриттэн, саа-сэп ылтара буолуо…» – дэһэллэр. Киһи майгыта араас, сорох күрүөйэхтэри «сэриигэ баран өлүмээри муҥнана сылдьаахтаатахтара…» диэн аһынар, оттон атыттар «хас үйэҕэ саһан хорҕойоору, ити кэриэтин сэриигэ барбыт ордук ини, акаарыларыгар, быстах санааларыгар күрүүллэр, баҕар боруонтан кимнээҕэр чэгиэн, этэҥҥэ эргиллэн кэлиэх этилэр… Хаһан эрэ син биир тутуллуохтара…» диэн бэйэлэрин бүөм санааларын быктараллар.

      Күннээҕи түбүккэ, санааҕа үтүрүйтэрэн күрүөйэхтэрдээхпитин умнан да кэбистибит, биирдэ эмит ахтан аһарабыт.

* * *

      Балаҕан ыйын эргэтэ кылбаа маҥан кыстык хаар үллэччи түстэ. Сотору эбэ мууһа тоҥон киһини уйар буолла. Иһэр уубутун далаһа баһыгар ойбон тэстэн ыаҕаһынан сомсон баһан дьалкытан таһаарабыт…

      Алтынньы бүтүүтэ, эт тоҥор буолбутун кэннэ, дьонум оҕус тыһаҕастарын өлөрдүлэр. Оҕуһу Баһыычаан биһикки наһаа аһыйдыбыт. Эмээхсин үөскэ сиэтэн киллэрэн уулатан таһааран баран тиэргэн ортотугар үүнэн турар тииккэ баайбытын Улахан Баһылай сүүскэ охсорун көрүмээри дьиэҕэ киирэн хааллыбыт.

      Ыалбыт оҕолоро, бииргэ оонньуур, арахсыспакка алтыһар доҕотторбут: Маарпа, Морууса, Аана уонна Модьу уол – Балаҕаччыга үөрэхтэригэр бараннар суохтар.

      Муус тоҥон, сүөһүнү ойбоҥҥо уулатыы эмиэ саҕаланна. Кыстык хаар эбии халыҥаата.

      Сэтинньи саҥатыгар Балаҕаччыттан сыарҕалаах атынан наарыһынай дьахтар кэллэ. Баһылайтан сурук дьэ кэлбит. Сурук ханна эрэ тутулла сыппыт быһыылаах.

      Эбээ үөрэҕэ суох, сатаан аахпат. Баһыычаан биһикки да кини курдукпут.

      – Чэ тоом, Маарыйаны ыҥыран киллэр эрэ… – диэн миигин соруйда. Ыалбыт Намыынаба Маарыйа эдэр дьахтар, үс дуу, түөрт дуу кылаас үөрэхтээх. Оҕолору соруһуохпутун – үөрэхтэригэр.

      Намыынаптарга сүүрэн тахсан Маарыйаҕа эттим. Хабырыыл кэргэнэ эбэм


Скачать книгу