Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
сайын сүөһүлэрэ кыстыыр, дьыл тахсар отун оттоотулар, туруоруммут соруктарын өссө аһара да толордулар…

      Сайыны сайылаан баран бу өтөхпүтүгэр, Мундулуҥдаҕа, кыстыыр буоллубут.

      Күһүҥҥү биир үтүө, чэмэлкэй күн ыанньык пиэрмэтэ, уҥуоргу титииктэр сайылыктарыттан икки сиринэн: Уолбут уонна Быркылаах күөллэригэр «һуу-һаа» буолан көһөн тигинээтилэр…

      Мундулуҥда өтөҕөр үс ыал буолан кыстыырдыы оҥоһуннубут. Намыынаптар Өлөксүөйэп Хабырыыллааҕы кытары дьукаахтастылар. Сайын «Свердлов» аатынан холкуос киинигэр Айдаҥҥа аймахтарыгар кэлэ-бара сылдьыбыт саҥа доҕотторум Маарпалаах, Балаҕаччыга үөрэхтэрин дьыла саҕаланан, оскуолалара аһыллан, үөрэнэ бардылар. Балаҕаччы Мундулуҥдаттан сэттэ биэрэстэ сир, ол иһин Намыынаптар оҕолорун үөрэттэрээри, арыый да чугастыы, манна кыстыыллар эбит. Аҕалара «Свердлов» холкуос биригэдьиирэ, кэргэнэ Маарыйа кыра, иринньэх ыамайдаах буолан дьиэтигэр олорор.

      Өлөксүөйэптэр уоллара Модьу эмиэ оскуола киһитэ, Намыынаптар кыргыттарын кытары бииргэ сылдьар…

      Өссө оҕолор үөрэниэхтэрин иннинэ, биир күн Балаҕаччыттан Испирдиэн Дьаакыбылабыс Сүөдэрэп диэн оскуола дириэктэрэ хас да киһини кытта (хайа эрэ боломуочунайы арыаллыы сылдьар быһыылааҕа) кэлэн барбыттара, киэһэ Саамы эбэҕэ киирэн кустаабыттара эҥин. Биһиэхэ чэйдээн ааспыттара… Онно мин олохпун тосту-туора уларыта сыспыт кэпсэтии буолбута. Туох билиэй, кэлии дьон тылыгар сөбүлэспитим буоллар, дьылҕам баҕар отой атын суолунан салаллыа этэ. Ол эрэн, эппиккэ дылы, түстэммит түөрэх торумун уларытар кыаллыбат, тус өй-санаа тугу сибис гынара ол улахан суолтаны ылар.

      Испирдиэн Дьаакыбылабыс миигин көрөн ким оҕото буоларбын, хайдах манна кэлбиппин эҥин эбэбиттэн бэркэ токкоолоһон ыйыталаспыта, онтон миэхэ туһаайан:

      – Сааһыҥ хаскыный? – диэбитэ.

      – Уон үһүм…

      – Оскуолаҕа үөрэниэххин баҕараҕын дуо?..

      – Баҕарбаппын…

      – Һэс!..

      – ?..

      – Баҕарбатаҕыҥ да иһин үөрэнэ бараҕын, тыый доҕор… – диэн саҥалаах киһи буолан биэрбитэ.

      – Оскуолаҕа үөрэниэхпин баҕарбаппын… Барбаппын… – диэн кыккыраччы аккаастаабытым. Испэр «аны, хайыы-сахха кэргэнниһэ охсубут дьоммуттан тэлэһийэн, туспа-туора, атын сиргэ бардахпына эмиэ хоргуйуом, эмиэ эрэйи, сору-муҥу көрүөм…» дии саныырым. Төһө да оҕо буолларбын ыал устун хаамаайылыыр кэммэр араас сураҕы-садьыгы истэ, билэ-көрө сылдьар этим. Балаҕаччыга, «Калинин» аатынан холкуоска, сут дьыллар саҕаланыахтарыттан бэрт элбэх киһи хоргуйан өлөн турар.

      Төрүт көрбөтөх, хайа эрэ кэлии киһи тылыгар сөбүлэһэр санаам суоҕа. Бэйэм буоллаҕына толоос соҕустук харыбыттан тардыалыыр, букатын мээнэнэн көрөр кылар харахтаах оскуола дириэктэриттэн куотан, күтүр баҕайы мас уһаат кэннигэр кирийэн, саһан турбутум.

      Испирдиэн Дьаакыбылабыс эбэбиттэн:

      – Оскуолаҕа ыытаҕын дуо?.. Үөрэниэн наада, – диэн ыйыппыта.

      Эмээхсин мин диэки көрөн


Скачать книгу