Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов
аһаах оҕо эмискэ этэ-сиинэ эбии уостан, ыран-дьүдьэйэн барбыт. Биир күн таайым оонньуу сылдьан адарай орон анныгар турбут, тимир куустарыы курдаах дьааһыгы арыйан чөчүөккэҕэ ийэтин саҥа тиктибит халадаай ырбаахытын тэнитэн көрдөрбүт. Онуоха чөчүөккэ улаханнык сэҥээрбэтэх, хата тоһоҕоҕо тимир кыптыый буутуттан иилиллэн турарын ылан ырбаахы байбарытын түөрэтин салама курдук эргиччи кырыйан кэбиспит. Иккиэн иэрийэ сыһыахтарыгар диэри күлүс да күлүс буолбуттар…
Эбэм Лөкүөрүйэ уола олус хотторбутун көрөн уйатыгар уу киирбит. Киһи дьиктиргиэх, ирээт анаан хаалларбыт астарын барытын аһыыр эбит, бэл диэтэр үгэххэ сойута ууруллубут чабычахтаах үүттэрин үрдүн халбыйан сиир дьарыктаммыт уолларын мөхпөтөхтөр. Эһэм аах Хочот күөлүгэр олороллорун саҕана оччолорго Көтүппэт диэн ыттаахтара эбитэ үһү. Сарсыарда ходуһаҕа киирсэн баран, киэһэ тахсалларыгар иннилэригэр куота кэлэн, балаҕан халҕанын тарбыыр үгэстээх эбит. Көтүппэт ынах тириитэ бүрүөһүннээх хаптаһын халҕаны тарбаатаҕына, чөчүөккэ сиппииртэн биир талаҕы сыыйан ылан, киитэ хоҥнон атыгыраабыт эркин быыһынан анньыалаан ыты дьээбэлиирэ үһү. Оттон дьон саҥата ньамалаһарын иһиттэр, киһи чугаһаабыт сибикитин биллэр эрэ: «Миигин кытта оонньообуккун отой кимиэхэ да кэпсээйэҕин, этээйэҕин, оччоҕуна сарсын эмиэ оонньуохпут…» – диэт, оонньуурдарын хонноҕун анныгар кыбынаат, состуок быыһынан бэрт холкутук киирэн, сүтэн-симэлийэн хаалара. «Көтүппэти тоҕо дьээбэлиигиний?» – диэн таайым ыйытар эбит. Онуоха чөчүөккэ: «Ыт тугу да көрбүтүн иһин кэпсиир тыла суох…» – диирэ үһү.
«Чөчүөккэттэн отой куттамматым, ыалбыт оҕото киирэрин курдук саныырым уонна сүрдээҕин тапсан оонньуурбут. Ардах түһэн эһэм аах отторугар барбакка өрөөтөхтөрүнэ чөчүөккэ тахсыбата, оччоҕо суохтуурум…» – диэн кэпсиирэ таайым. Бүөтүр ардыгар холумтан анныттан тахсар хаһан да көрбөтөх оҕотун кытта оонньуурун дьонугар кэпсиэх санаата кэлэн айаҕын аттар эрэ, тыла булдьуйан, букатын эппэт кэлэҕэй буолан хаалара үһү.
Күһүн, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, хас эмэ хонуктаах иэппэт ынах курдук кэлэ-кэлэ түспүт ардах астыбытыгар, биир күн Лөкүөрүйэ икки көстөн ордук ыраах баар Нарыйачаан күөлүгэр олорор, көрсүспэтэхтэрэ ырааппыт чугас дьүөгэтигэр тымтакаҕа сиикэй арыы оҕото кэһиилэнэн дьаарбайа, бэйэтэ этэринии, «туйаҕын сойутта», сөргүйэ, сэргэхсийэ диэн барбыт. Ол иннинэ өссө, маанымсыйаары, таҥас хаалыыр дьааһыгын арыйан саҥа тиктибит ырбаахытын хостообута байбарыта түөрэтэ биир да бүттэтэ суох гына кыптыыйынан сарыпыай-ирипиэй курдук быһыта кырыллыбытын көрөн уолун сэмэлээбит.
Лөкүөрүйэ киһи этин-сиинин дьагдьатар, курас тыаллаах күн буолан уолугар халыҥ суккун сонун кэтэрдэн, биир үксүн олус хотторо ырбыт-дьүдьэйбит уолун Нарыйачаан күөлүгэр олорор Доҕойко ойууҥҥа көрдөрөөрү бэйэтин кытта илдьэ сиэтэн барбыт. Өлөксөй от үлэтин кэннэ Кэҥэрэччигэ көһөн кыстыахтаах саҥа балаҕаннарын ситэрээри онно үрдүттэн хоно-өрүү сылдьара эбитэ үһү. Таайым хас кэлбит-барбыт