Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов
бабат-татат, атын киһи оонньуура!.. Оо, бабат-татат, атын оҕо оонньуура!.. – дии-дии, саннын байаатыгар тиийэр аас маҥан баттахтаах оҕонньор, бэрт чэпчэкитик өрө ыстана-ыстана, бэдьэҥэлээбит, тарбахтарын сараччы тутта-тутта, ыстаҥалаабыт.
Ону көрөн Бүөтүр, иттэннэри кэлэн түһэ-түһэ, буор муостаҕа төкүнүйэ сылдьан, быара кэйэн, тыынын кыайан ылбакка иэрийэ сыһыар диэри күл да күл буолбут… Ийэтэ кэлэн өрө көтөҕөн, илгиэлээн нэһиилэ тыын киллэрбит.
– Бу да киһи эҥин-иктэ буолан, хата оҕону иэритэн бопторо сыста… – диэн дьиэлээх эмээхсин кырдьаҕаһы сэмэлээбит.
Уола уоскуйбутун кэннэ Лөкүөрүйэ:
– Оҕом сайын олох быста ыран, дьүдьэйэн хаалаахтаата, туга ыалдьан моһуоктуура биллибэт… Баҕар, көрүөҥ буолаарай да диэммин аҕаллым ээ… – аат ааттаан кэлбит сүрүн соругун дьэ эппит.
Доҕойко өмүрбүтүн аһара сатаан өрө эппэҥнээн олоро түһэн баран:
– Уу, туома… от охсон тахсыбыт киһитээҕэр ордук илиһинним, бэйэм да кырдьан, мөлтөөн-ахсаан, аны өмүрэр мээрик буолан эрэбин… – диэбит. Онтон туран таайбар кэлэн, төбөтүн имэрийэ-имэрийэ, таптаан ымманыйбыт. – Хата өмүрдэн өлөрө сыстыҥ… – дии-дии, күлбүт.
– Кырдьаҕас, туох дии саныыгыный? Оҕобун көр-иһит эрэ, – Лөкүөрүйэ ойуун иэйбит дьүһүнүттэн эр ылан санаатын хат эппит.
Доҕойко ойуун сибилигин аҕай өрө көтө-көтө мэнэрийэн уйуһуйа сылдьыбыт дьүһүнэ сүтэн, туох да буолбатаҕын курдук дүлүҥ олоппоско олорон соботун хатырыктыы-хатырыктыы:
– Ээ, ити киһи төрүт туга да ыалдьыбат. Дьиэ иччитин кытта мэниктээн аһыырын-сиирин да умнубут. Дьиэ иччитэ бэрт бор буолар баҕайыта, аһын ол тойооскуга аҥаардастыы аһатан «ырдаҕа-быһыннаҕа». Кини аһа диэхтээн таах уу судураан буоллаҕа. Чэ туох да буолуо суоҕа, хата ырааһырдаҕа… – диэн киһи эмиэ да өйдүүр, эмиэ да ылбычча өйдөөбөт тылынан саҥарбыт.
– Тыый!.. Ол иһин даҕаны… – диэн эбэм улаханнык үөрбүтэ үһү.
Үөрэрэ эмиэ төрүөттээҕэ. Чөчүөккэ киһиэхэ хаһан да куһаҕаны аҕалбата, хата төттөрүтүн дьиэҕэ кыра абааһылары киллэрбэтэ үһү, арай итэҕэһэ диэн таҥаһы кырыйан кэбиһэр адьынаттаах эбит. Чөчүөккэ үксүгэр ааһар ыалдьыт, хонор хоноһо кэриэтэ кыра оҕолору кытта хантан да кэлбитэ биллибэккэ эмискэ баар буолан оонньуу-оонньуу, эмиэ хайдах күөрэйбитэй да ол курдук ханна да барбыта биллибэккэ сүтэн хаалара эбитэ үһү.
Ардыгар биир эмит ыалга тохтоон «уйаланар», оччоҕуна ол ыалга дьиэ иччитин быһыытынан дөрүн-дөрүн баарын биллэрэр уонна дьиэлээхтэри быстах-остох кыра ыарыыттан араҥаччылыыр диэн кэпсииллэрэ. Оҕолору кытта оонньууругар чөчүөккэ куруук бас-көс буолара уонна хаһан да кыыһырсыбата, бииргэ оонньуур оҕотун санаатын сүрдээҕин табара үһү. Ол иһин чөчүөккэлиин оонньообут оҕо дьиэтигэр соҕотоҕун хаала сатыыр үгэстээх эбит. Дэлэҕэ да дьиэтиттэн ханна да барыан баҕарбат оҕону: «Чөчүөккэни кытта оонньоору хаалаҕын дуо?» – диэн тыл дэгэтэ оҥостуохтара дуо? «Чөчүөккэни кытта дьоллоох оҕо оонньуур» диэн кэпсэл эмиэ баар. Дьиэ иччититтэн ураты өссө үгэх иччитэ диэн