Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский

Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский


Скачать книгу
Герой буолар инниттэн подвиг оҥоруохпун наада. Подвиг күн аайы сарсыарда уонтан, ол аата иккис уруок ортотуттан күнүс уон иккигэ, ол эбэтэр төрдүс уруок ортотугар диэри оҥоһуллар эбит.

      Онтон ыла иккис, үһүс, төрдүс, ол эбэтэр подвиг кэмигэр киирэр уруоктарга уһулуччу болҕомтобун уурар буолбутум. Инньэ гынан, туйгун үөрэнээччи аатын ылбытым. Бэйэбин герой буолбут курдук санаммытым да, Кыталык Кыыс син биир мин диэки көрбөтөҕө. Биирдэ переменаҕа кураанах кылааска олорон, Кыталык Кыыс мин диэки көрбөт төрүөтүн билбитим: «Подвигым бириэмэтэ бара турар, оттон мин перемена аайы таах олорор эбиппин. Переменаҕа туох подвигын оҥоруохха сөбүй? Арай мин, бу түөһүм быатын сүөрдэхпинэ уонна перемена бүтүөр диэри сууллубакка олордохпуна? Оччоҕо герой буолабын ээ!» Быабын сүөрээт, тутуһуохпунан тутуһан: «Олох сууллуо суохтаахпын, хайаан да герой буолуохтаахпын», – дии-дии чуораан тыаһыар диэри олордум. Кыталык Кыыс мин герой буолбуппун олох да бэлиэтии көрбөккө, бэйэтин паартатыгар ааһа турда. Мин кып-кыра подвигы оҥороммун, киһи хараҕар быраҕыллыбат, кып-кыра герой буоллум быһыылаах. Ол иһин Кыталык Кыыс мин диэки көрүөн баҕарбат. Улахан герой буолар туһуттан киһи хараҕар быраҕыллар подвигы оҥоруохха наада эбит. Бүгүн подвигым бириэмэтэ бүттэ. Икки нэдиэлэ устата ити курдук быата суох олорорго үөрэнним.

      Биир күн уһун переменаҕа, түөһүм быатын сүөрэн баран, улахан подвиг оҥорорго соруннум: «Бүгүн хайаан да туруохтаахпын, турдахпына эрэ табыллар! Мин туруом, мин туран эрэбин, мин турдум!!! Мин олох охтуо суохтаахпын! Күүскэ тутуһуохха! Мин тулуйуохтаахпын! Мин улахан герой буолуохтаахпын!» Чуораан тыаһаата, учуутал күлүүһү аһан эрэр. Түргэнник быабын баана охсуум! Һуу! Улахан герой буоллум быһыылаах. Кыталык Кыыс сибилигин сүүрэн кэлиэҕэ, мин улахан герой буолбуппун хайаан да бэлиэтии көрүөҕэ уонна икки илиитин ууммутунан: «Ваня, мин эйигин кытта доҕордоһуохпун баҕарабын», – диэҕэ. Кыталык Кыыс киирдэ, мин диэки хайыһан да көрбөккө, оннугар баран олордо.

      Онтон ыла күнтэн күн аайы мин подвигтарым бэйэбин кытта тэҥҥэ улаатан испиттэрэ: паартабыттан тахса үөрэммитим, аттынааҕы паартаҕа, онтон сыыйа учуутал остуолугар кытта, паарталартан тутуһан, тиийэ үөрэммитим. Кылаас иһигэр улаханнык эрэйдэммит, элбэхтик охтубут сирим – учуутал остуолуттан дуоскаҕа диэри этэ. Тоҕо диэтэххэ, тутуһар сир суоҕа. Мин улахан герой буола сатыырбын ким да сэрэйэн да көрбөт этэ.

      Кэнникинэн, кылааһым уолаттара бары Кыталык Кыыһы сөбүлүүллэрин бэлиэтии көрөн, улаханнык соһуйбутум. Кинилэр уруокка олорон эрэ тэтэрээттэрин лииһиттэн ойо тардан ыла-ыла, тугу эрэ суруйан баран, кум-хам тутаат, Кыталык Кыыс паартатыгар быраҕаллара. Туйгун үөрэнээччи Кыталык Кыыс уруокка олох аралдьыйбат этэ. Тэтэрээтигэр кэлэн түспүт уолаттар кумааҕыларын илиитинэн илгэн кэбиһэрэ. Ол суругу атын оҕолор ааҕа-ааҕа суруйбут уолу күлүү гыналлара. Аҕыйах хонугунан били күлүү гыммыт уолаттар бэйэлэрэ соннук ис хоһоонноох суругу Кыталык Кыыска ыыппыттара биллэн, бэйэлэрэ күлүүгэ бараллара. Суруктарын тас быһыыта уонна ис хоһооно барыларын киэнэ биир буолара: «Я хочу с тобой дружить! Вася».

      Кыталык


Скачать книгу