Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь. Отсутствует

Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь - Отсутствует


Скачать книгу
яблоко, гроздь; уулаах отон брусника, уҥуохтаах отон толокнянка; отонноох мас фруктовые деревья.

      ОТОР временное жильё между летником и зимовьем; оторго көс переехать во временное жильё.

      ОТОҺУТ лекарь, народный целитель, знахарь; костоправ; коновал.

      ОТОХ запоздалый в росте (бэһэл); дьүүкээ захудалый; отох олох захудалая жизнь.

      ОТТОН союз: а, но, уж.

      ОТУУ шалаш (из сена); временная стоянка, привал, ночёвка.

      ОТУН (оттор) топить, затапливать печь, разводить огонь; разложить неугасимый огонь; оттук топливо: дрова, уголь, газ, горючее.

      ОТУОЙКА отуойкаҕа олор сесть на мель; остаться на бобах.

      ОХ (оноҕос) стрела; боевая стрела (быыра, ырба); лук (оружие), ох саа лук, ох тыл афоризм.

      ОХСУУ 1. (оҕус) удар; сүүрүк охсуута бурное течение; сутуругунан оҕуста ударил кулаком, күүскэ оҕуста ударил с силой; охсулун биться, ударяться; быть битым; 2. грам. ударение; охсуулаах ударный; 3. отрицательные последствия, плохой результат; охсуута улахан последствия велики.

      ОХСУҺУУ драка; бой, сражение, битва; Москва аннынааҕы охсуһуу битва под Москвой; тыыннаах буолар иһин охсуһуу борьба за существование; илии охсуһуута рукобитье, помолвка; охсуһуулаах драчливый; кырбый драчун; охсус биться, драться, колотить друг друга; бороться; состязаться, соперничать.

      ОХТОР см. оҕус валить, сваливать; охтортоо сваливать многих; забить (скот), подбить (птицу); түҥнэр опрокидывать, самнар сокрушать; опровергать слова; косить, сваливать, заражать повально (о болезни).

      ОЧУР бугорок, кочка; олох очура перипетии жизни.

      ОЧУОС утёс; очуос таас каменный утёс; очуос булгунньах курган.

      ОЧЧО мест. определ. оччото столь, столько; оччоҕо в то время, прежде.

      ОЧЧОЙ косить, разводить глазами; оччоҕор косоглазый.

      ОЧЧУГУЙ аччыгый маленький, малый; небольшой, кыра меньший; оччоо (аччаа) становиться меньше, убавляться, умаляться.

      Ө

      ӨБҮГЭ родоначальник, предки; өбүгэ үгэһэ обычай предков.

      ӨГДӨЙ приподниматься, подниматься на носки; өгдөҥөлөө пытаться встать.

      ӨГҮРҮК-төгүрүк көр удивлённо смотреть большими глазами.

      ӨҔҮЙ непроизвольно тужиться (при рвоте); өҕүйүү позыв к рвоте, хотуо рвота; өҕүрүй (эҕирий) втягивать в себя; үрдэр антах, өҕүрүйдэр бэттэх посл. то туда, то сюда.

      ӨҔҮЛҮН гнуться; өҕүллэҕэс, өҕүллүмтүө гибкий (проволока); перен. обращать внимание, санаата биһиэхэ өҕүллүбүт стал более внимательным к нам; киһи тыла өҕүллүбэт (тыла тахсыбат) язык не поворачивается, трудно сказать.

      ӨЙ 1. ум, разум, рассудок; үтүө өй благоразумие; көрсүө өй здравомыслие; чэпчэки өй легкомыслие, чычаас өй недалёкий ум; өй-мэйии разумение; өй-санаа, өй-төй мысль; өйбүн-төйбүн булуум


Скачать книгу