Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
тылын саллар сааһын тухары умсугуйарга уһуйбут кырдьаҕыыс-кырдьаҕас доҕорун ол курдук атаарар киһи буолла. Сатаан быһаарыллыбат быһыы таҕыста. Ол эрээри ол сээркээн сэһэн эмээхсин судургутук уонна дириҥник быһааран эттэ:
– Итинтэн ордук хайдах таптыай? Оҕом таптыырын күүһүттэн өлөрөөрү гынар ээ ити… Оо, күндү да киһи буолар эбиппин… Тоойуом, ытаама. Көрсүөхпүт буоллаҕа дии. Тапталлаах Таатталыыр…
Мөөсүйүөн
Биир киэһэ сыппыт кэннэ, Дьөгүөрдээн Микиитэҕэ эргиллэн, төбөтүн имэрийэ-имэрийэ, эттэ:
– Сарсын оскуолаҕа барабыт ээ, доҕоор.
– Барбаппын…
– Ээ, кэбис, доҕор, үөрэҕэ суох, сааһыҥ тухары биһиги курдук, ыал хамначчыта буолуоҥ дуо?
– Барбаппын…
– Кырата бэрт, эһиил да биэриэх баара. Оҕолор кырбыахтара, – диэтэ Сөдүөччүйэ атахтарыгар сытан.
– Лахсыйыма. Эрдэ үөрэннэҕинэ, биһигини иитиэҕэ.
– Кырата бэрт ээ…
Ийэтэ «кырата бэрт» диэбититтэн Микиитэ өһүргэнэ санаата. Барыах буолла.
Сарсыарда уолу суорҕаҥҥа суулаан баран сыарҕаҕа олордон, хам кэлгийэн кэбистилэр. Аҕата аара хаста да оҕуһуттан түһэн, оҕотун суорҕанынан хайан, кэлгиэтин көннөрөн биэрдэ. Алта биэрэстэлээх Кыымнаайы оскуолатыгар тиийдилэр.
Килбэлдьигэс бирээскэлээх кэтит бириһиэн курдаах, ыас хара хойуу баттаҕын төбөтүн оройунан хайа тарааммыт мааны киһи биир хостон тахсан кэллэ.
– Дьэкиэм, киһибин бу аҕаллым ээ.
– Бу дуо? – мааны киһи төҥкөйөн Микиитэ сирэйин одууласта. – Хайа, доҕоор, кыракката бэрт буолбат дуо?
– Сэттэтигэр барда эбээт…
– Чэ, киллэрэн олордон көрүөххэ, туох тахсар. Олус хойутатан кэбистиҥ… Чэ, доҕор, киирэн үөрэнэн көрүөххэ эрэ, – диэн баран, мааны киһи Микиитэни харытыттан харбаата.
Уол барымаары чыраахтаста да, анараа киһи тохтоппокко дьулурутар киһи буолла.
– Аҕаа!
– Мин манна олоруом, – диэтэ Дьөгүөрдээн.
Үгүс оҕолордоох хос иһигэр буолан хааллылар. Утары муннукка оҕо көтөҕүүлээх дьахтар таҥара олорор. Уҥа эркин ортотугар – кыһыл бытыктаах киһи мэтириэтэ олорор, кини сарыннарыгар өрүү быалар төбөлөрө намылыспыттар уонна түөһүгэр манньыат харчылар кэккэлэспиттэр.
Микиитэ чугурус гынна. Киһи лэглэритэн илдьэн биир таһа суох нэк сонноох уол аттыгар олордон кэбистэ уонна ыйытта:
– Эн кимҥиний?
Сибилигин аҕатын кытта кэпсэтэн, манна бэйэтэ киллэрэн баран саҥа көрбүккэ дылы ыйыппытыгар Микиитэ саҥарбата.
– Ааккын билбэккин дуо?
– Оттон Микиитэбин…
– Мин кимминий?
– Эн дуо?.. Учуутал буолуоҥ.
– Сөп, учууталбын. Араспаанньаҥ кимий?
– Билбэппин… Эһэм Молоох Миитэрэй…
Оҕолор бары күлсэн ньиргистилэр.
– Эн араспаанньаҥ Лэглээрин диэн буолар, эн – Микиитэ Лэглээриҥҥин, Молоох диэн куһаҕан аат. – Учуутал Микиитэни төбөтүттэн имэрийдэ уонна атын оҕолорго барда.
Микиитэ араспаанньалааҕын саҥа билэн, дьиибэргии олордо. Кини эһэтин туора дьон бары