Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
эмээхсин бу киэһэ. Бу киэһэ оһох уота өргө диэри күүдэпчилэнэ умайда, күллэ-салла, кыһыл чохторунан тамнаатанна. Уоттарын кытыытыгар бары үөрэ-көтө олордулар. Бүтэр уһугар Даарыйа эмээхсин Манчаары Баһылайы кэпсээтэ. Кини Манчаарыта хас кэпсээтэҕин аайы саҥа айыллар, үтүө майгыта, ньургун сырыыта саҥаттан саҥа арылла турар Манчаары. Мэлдьи сонун, мэлдьи эдэр, мэлдьи туйгун Манчаары Баһылай. Ол иһин соргу көтөҕүллүбүт уһулуччу үөрүүлээх бастыҥ «дьоро» киэһэлэргэ эрэ айыллан кэпсэнэр. Даарыйа эмээхсин оронугар олоро түһэн, илдьирийбит даба ырбаахытын тиэтэллээхтик кэтэн сарымахтанна, илбирийбит нэк суорҕанын түүрэ тардан бэйэтигэр ыга куустан өйөннө уонна аргыый-аргыый икки өттүнэн иэгэҥнии-иэгэҥнии сүһүөх-сүһүөх этэн барда:
– Тоҕустуу түптүрдээх түүнүктээх түрмэни
Төлүтэ көппүтү,
Аҕыстыы хаппахтаах хараҥа хаайыыны
Хайыта тэппити
Манчаары туйгуну билэҕиэт, доҕоттоор?
Толоону-томтору тумнара сабардыыр
Тоҥуу хаар иэнинэн
Тоҕустуу хаамыынан чүөмчүлээн бырдааттыыр,
Быыппастар быччыҥнаах
Быһыйкаан даҕаны атахтаах дэһэллэр.
Бардам баай тэриммит ыаҕастаах күлүүһүн
Көтүрү тардыбыт,
Дохсун баай эрэммит болгуолаах олуурун
Тоһута анньыбыт
Ньыгылкаан даҕаны ытыстаах дэһэллэр.
Адаҕа тимиртэн, сатара кымньыыттан
Таҥнары көрбөтөх,
Кылырдыыр чыыннардаах кырыктаах тойонтон
Толлору билбэтэх
Уот чолбон даҕаны харахтаах дэһэллэр.
Ырыаҕа ылланар Манчаары Баһылай
Дьоһуннаах сураҕа:
Күүстээхтэн туйгуна, быһыйтан бастыҥа,
Төлөннөөх сүрэҕэ, —
Эр бэрдин төлөннөөх сүрэҕэ дэһэллэр.
Сирэйдээх үтүөтэ, уҥуохтаах көнөтө
Манчаары Баһылай,
Суохтааҕы халаабыт, мөлтөҕү муҥнаабыт
Буруйа суох этэ…
Сүрэхтээх ырааһа – Манчаары дэһэллэр.
Батыйа күөрэтэн баайдары уолутан
Булбутун барытын:
Кылааннаах түүлээҕи, өрүөллээх харчыны
Бар дьоҥҥо түҥэтэн,
Суохтаахха түҥэтэн үргэҥниир дэһэллэр.
«Сүһүөхпүт сүүрээнин, харахпыт ууларын
Уулааннар уойаллар,
Баай үбэ барыта – бар дьоммут сүмэтэ…
Манчаары аатыгар
Туһаныҥ, доҕоттоор», – диир үһү дэһэллэр…
Тордуохтаах тумустаах тойон кыыл дойдута —
Таас дьааҥы үрдүгэр,
Сэргэхтэй кулгаахтаах саһылбыт ордуута —
Сис тыабыт үөһүгэр
Манчаары Баһылай көрсүһэр дэһэллэр.
Эр бэрдэ киһиэхэ уотугар олорсон
Олоҕу сураһар:
«Төрөөбүт дойдубун, үөскээбит дойдубун,
Бар дьоммун ахтабын…
Ахтабын, доҕооччуок!» – диир үһү дэһэллэр.
«Тымныыга-дьыбарга, кыстык хаар ортото
Мин суолум биллиэҕэ…
Тымныыны күрэтэр күн уота күлүмнээн,
Күөх сирэм кэлиэҕэ,
Оччоҕо эргиллиэм!» – диир үһү дэһэллэр.
Эр