Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
баран, уот кытыытыгар олорунар.
Миитэрэй киһини үтүктүбүтэ табыллан үөрэ-көтө чылаарыҥныы-чылаарыҥныы сыгынньахтанан, атаҕар иилистибит уолу адаҕа курдук соһо таппытынан уот иннигэр кэлэн турар. Эмээхсин уокка ойоҕостуу олорон ытыстарын ититэр. Ол курдук саҥата суох олорбохтоон баран, бэрт эйэлээх куолаһынан, уолуттан ыйытар:
– Бу «дьону үтүктэр идэбиттэн хаһан эмэ өһүргэс тахсыа» диэн саныырдаах буолаҕын дуо, доҕор, Миитэрэй Харалаампыйап?
– Оннук санаабат буолабын! – диэн түргэнник хоруйдаан кэбигирэтэн кэбиһээт, Миитэрэй кыҥнах гынар, аллараа уоһун энньэтэн, арыттардаах уһун тиистэрэ атыгыраһан көстөллөр.
– Ээ… Ону баара мин «Киһини өһүргэтэн иирээн тахсыа» диэн санаан аһарардаах буолабын эбээт.
– Тыый, сатаабат эрээри үтүгүннэххэ кыыһырыахтара эбитэ ини! Үнүрүүн Дамыйааннаахха сылдьан үтүктэн көр бөҕө. Дамыйаан күлэн уҥа олорор. Бэркэ тахсыбыта.
– Чэ, ол эрээри, сэрэнэн оонньуур үчүгэй буолуо суоҕа этэ дуо, доҕоор? – диэн ыйытан унаарыйар ийэ.
Онуоха уола бэрт улгумнук сөбүлэһэ охсор.
– Сэрэнэн-сэрэнэн, ол баҕас, бодуруобуна бэлэм!
Миитэрэй атаҕын кууһан өрө хантайан турар кыра уол үтүктэр:
– Эйэнэн-эйэнэн, уобуна эбэм!
Бары күлсэллэр, балаҕан иһигэр айдаан-күйгүөн диэлийэр.
Дьэ Миитэрэй итинник киһи. Дамыйаан Охонооһойоп диэн, аҕыйах сүөһүлээх эрээри, бэрт ыраастык туттан олорор, бэрт мааны таҥастаах-саптаах, дьон ытыктыыр киһилэрэ баар. Миитэрэй ол киһини үкчү үтүгүннэ. Сарсын, өйүүн, ол анараа өттүгэр кимнээхтэри үтүктүөҕүн ким билиэй кинини. Иирэ талах курдук имигэс кыыстан бүдүгүрэ кырдьыбыт эмээхсиҥҥэ диэри, быыкаайык уҥуохтаах хабдьыгыраабыт оҕонньортон саһаан үрдүк лоҥкунаабыт тойон киһиэхэ диэри кини барыларын үтүктэр. Ону ааһан, быстах-быстах ол-бу киһилии саҥаран, көрөн, силлээн; «бытыгын» хамсатан, ыстаанын өрүтэ тардыммахтаан ылыталыыр. Ол ахсаан буолбат. Ким да тус бэйэтин кыра да туспата кини кыраҕы хараҕыттан куоппат. Артыыстыы талааны киниэхэ айылҕа ийэ дэлэгэйдик иҥэрбит киһитэ.
– Хайа, тукаам, өрүү мэлийдиҥ дуу? – Даарыйа эмээхсин, ытыстарын ититэн баран, көһүйбүт тарбахтарын мускуна олорон ыйытар.
– Мэлийэн, кырынаас, ыт баара, эмиэ тарбаан эспит. Биир лааскайы эрэ аҕаллым.
Эмээхсин үөрэ түһэр:
– Ыы, тукаам, лааскайыҥ – кырынаас балта эбээт! Чэ, аһата оҕус: «Үөргүн-сүүрүккүн үүрэн-түрүйэн аҕал» диэ.
Сүөгэй салааһынын көрдөөн баран булбакка, кытыйа кытыытыгар ымньаммыт тартан тарбаҕын төбөтүнэн ымньаан ылан лааскайын муннугар сото-сото, Миитэрэй алгыыр:
– Чэ, доҕоор, аһаа-сиэ, кытаат. Миэхэ өлөҥҥүн бу абыраннаххын көрбөккүн дуо!
– Ээ, кэбис, доҕор! «Бэйи, оонньоомуум эрэ» дии санаабат бэйэкэҥ буоллаҕа дуу?
– Санаан-санаан… Эдьиийгин, Түгэх хочоҕо баар кырынааһы чааххааммар киллэр эрэ. Үөргүн-сүүрүккүн барытын мин чааххааннарбар үлтү үүрэн киллэр… Төһө үөрдээх күтүр эбитэ буолла… Атыыр эбит дуу? Ойохтоох буоллаххына…
– Ээ,