Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
«үтүө ыра» диэн буолар.
Киэһэтигэр дьонноро кураанах кэлэн «үтүө ыра» сымыйа буолара бэрт үгүс да, кинилэр сыҥаах ойууннарыттан кэлэйбэттэр, сарсыныгар эмиэ биттэнэллэр.
Даарыйа эмээхсин Микиитэлиин кыттыгас «халандаар» хаптаһыннаахтар. Хаптаһыннарын ортотунан сэттэ төгүрүк үүт кэккэлэспит: ол нэдиэлэ хонуктара. Ону тас өттүнэн отут төгүрүк үүттэн эргийбиттэр; ый хонуктара. Быаҕа баайыллыбыт икки төгүрүк мастар хонук аайы үүттэн үүккэ сыҕарыйан иһэллэр. Онон бүгүн хайа күнүн, ый хаһыс хонугун билэллэр, дьон кинилэртэн ыйыталлар.
Итини ааһан, чугастааҕы «Дьоро киэһэни» – эт сиир киэһэни, чугастааҕы «таҥараны» ааҕар, – хонук ахсаанынан кэрдиистэммит тымтыктаахтар. Хонон турдахтарын аайы биирдии кэрдииһи тоһутан иһэллэр.
Ону барытын тус толорооччу Микиитэ. Эмээхсин оронугар олорон куобах тыһын, кулгааҕын имитэн илиилэрэ булкуллумахтыырын тохтоппокко эрэ, ыраахтан салайар. Өлөксөй уол хороҥ оту уматан табах тардан оппоҥнуур, оһох көмөрүн сиэн хаачырҕатар уонна, «Ынах ойуун» диэн үтүктэ-үтүктэ мэһэйдэһэн, убайын киэҥ көхсүн кыаратар.
Халандаар бэрээдэктэнэр, бит-билгэ ситэр. Киэһэлик Даарыйа эмээхсин үлэтиттэн сынньанар, үс атахтаах төгүрүк остуолун бэйэтин диэки сыҕарыта тардынан ытыһынан соппохтуур. Уонна этэн унаарытар:
– Чэ, кэл эрэ, доҕоор, бу диэки.
Микиитэ үөрэ-көтө ойон тиийэр. Кинилэр хабылык хабаллар, дурда эргитэллэр, эрилээҥкилииллэр.
Мээлэ сүүйсэллэр. Кинилэр ылсар-бэрсэр, сүүйсэр-сүүйтэрсэр үптэрэ-баайдара – остуоруйа.
Микиитэ илиитэ имигэс, хараҕа сытыы, үксүн кини сүүйэр. Оччоҕо үһүөн үөрэллэр: Микиитэ саҥа остуоруйаны истэн баайын хаҥатынаары, эмээхсин Микиитэ «дьоллоох, бааттаах киһи» буоларыттан, Өлөксөй дьоно үөрэллэриттэн. Даарыйа остуоруйалыырыттан хаһан да салгыбат, сүүйтэриини төлүүрүн хаһан да уһаппат.
Микиитэ сүүйтэрдэҕинэ – урут киниттэн истибит остуоруйатын төттөрү кэпсээн биэрэр. Остуоруйалыы олорор Микиитэни эмээхсин хаһан да тохтоппот, кэрэхсэбилин кыратык да мөлтөппөт, сүүйүүтүн бэрт дьоһуннаахтык ылар киһи.
Остуоруйа бүппүтүн кэннэ Микиитэ ханна, тугу бэйэтиттэн эбэн эппитин, тугу көтүппүтүн эмээхсин ыйар. Сөпкө эбиллибити «ылыналлар», сыыһаны быраҕаллар, көтүтүллүбүт сирдэри толороллор.
Кинилэр сүүйсүүлэрин атын дьон истэн туһаналлар. Эмээхсиннээх уол сүүйсүүнү хайа сатанар үгүс киһи истиэн баҕараллар, өссө «истэ түс эрэ» диэн сорохтон көрдөһөллөр.
Туһанааччы туһаннын: бараммат баай!
Саха тылын дэлэгэй баайын, оһуордаах уустугун бу эмээхсин бас билэр, ким барыта түөһэ уйарынан ол баайтан ылан туһанар. Тыл баайа онтон дьадайбат, хата ордук дэлэйэр, үрдүүр, кэрэтийэр.
Тыл бытархайдьыттара, тирбэҕэһиттэрэ эрэ кистэнэ, кэмчилэнэ сатаахтыыллар. Умнаһыттарга, кинилэргэ, ким ымсыырыаҕын, кинилэри ким ордук саныаҕын, бөхтөөх сиэптэрин бүүрэ харбаналлара буолла!
Суох, Даарыйа эмээхсин баайа хааччаҕа, бүтэйэ суох үксүүр, үүнэр.
Дьиэ