Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
ыардык тайаныталаан ааһар. «Күтүр баай окко сытар ыт курдук ээ… Киргиэлэй Дьөгүөрэп баайынан бэйэтэ да туһаммат, дьону да туһалаабат». «Баайга биэрэр кумахха ииктиир кэриэтэ – утары иҥэн иһэр… Даарыйа Сыҕаайап эмээхсин ампаара бар дьон үбүгэр хаһан туолуой?!» «Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун… Сыллай Луханы көрбөккүт дуо?» Сүөдэр Бэһиэлэйэп баай соҕотох уолугар Лухаҕа сааһын тухары сүппэт хос аат иҥнэҕэ ити.
Ол эрээри кырдьаҕас Даарыйа саамай таптыыр суола остуоруйа. Манна кини идэтэ ордук сытайан көҥүллүк көрүлүү көтөр.
Кини остуоруйатыгар бэрт элбэх эрэйи, атаҕастабылы, муҥу туораан, уһугар тиийэн дьадаҥы байар, мөлтөх күүһүрэр, акаары өйдөнөр, дьүдэх киэркэйэр. Манна «Күн ыраахтааҕытааҕар» умнаһыт оҕонньор ордук өйдөөх буолан тахсар. Манна «үрдүк сололоох» тойон уола ойох ылыах буолбут мааны кыыһын илбирийбит таҥастаах кулут уол ылан дьоллонор. Манна талаары гыммыт уон икки ороспуонньугу соҕотох дьахтар өйүн күүһүнэн баһыйан тутуталыыр. Манна сэттэ бырааттан саамай көйгөлөрө, акаарылара кэнники бастыыр, баһылыктыыр. Муҥу-сору, батталы сүкпүт тулаайах кыыс туругурар, кырыктаах маачаха мааны кыргыттара буорайаллар.
Бу остуоруйаларга туохтан да бөҕө быһыы доҕордоһуу буолар. Доҕор алдьархайга түбэспитин быыһаары дьулуспуттар оргуйа турар уот сымала байҕалы дьулайбакка туорууллар, халлааҥҥа харбаспыт суорба таас хайаны чаҕыйбакка дабайаллар.
Уонна туох чугутуой доҕордоһуу дьулуурун!
Бу остуоруйаларга саамай сырдык, ыраас суол таптал буолар. Уоттаахтык таптаһар сүрэхтээхтэри түөрт уон түөрт «тимир чугуун» халҕаннаах хараҥа хаайыы да кыайан хаайбат, сэттэ уон сэттэ былас дириҥ түүнүктээх түрмэ да кыайан тохтоппот, хараҥа баттал дириҥ дьуоҕата ол дьону кыайан тумнарбат.
Уонна туох тохтотуой таптал күүһүн!
Бу остуоруйаларга туохтан да күүстээх, тугу да хотор айар күүс уоттаахтык баҕарыы буолар. Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин оҕото суоҕуттан муҥатыйан ытыы-ытыы, сир симэҕин үргээн дьиэтигэр аҕалан сыттыгын анныгар уурбута саннын хараҕар диэри түспүт куударалаах баттахтаах кыыс оҕо буолан хаалбыт үһү ээ… Күүстээх баҕарыыттан, дьиҥнээх муҥатыйыыттан тахсыбыт харах уута сир симэҕэр тыыннаах сиик буолан түспүт эбит.
Уонна тугу кыайбат, тугу айбат буолуой дьиҥнээхтик баҕарыы!
Кырдьык кимиэхэ да балыйтарбат, сырдык туохха да хаххалаппат, ньургун сүрэх туохтан да, кимтэн да дьулайбат.
Куһаҕан харахтаах, хатыҥыр, кыра эмээхсин хаҥас диэки боруҥуй муннукка күөдэллэммит нэк ортотугар киэбэ эрэ боруйан олорон, куобах тыһын, кулгааҕын имитэ-имитэ, кэрэтик кэпсээн унаарыйар, дьиэ иһинээҕи дьон болҕомтотун барытын бэйэтигэр тардынар.
Балаҕаҥҥа сылаас уоттаах сыбыы оһох уонна кэрэ кэпсээннээх Даарыйа эмээхсин саамай наадалаахтар, кинилэрэ суох сатаммат.
Кини остуоруйалыыр, кэпсиир. Остуоруйа ханна тиийэн олохтон арахсарын Микиитэ билбэт. Хантан ыла кини олоххо холбоһорун кини эмиэ билбэт. Олох уонна остуоруйа быа икки утаҕын курдук